Шавкунов Георгий Иванович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Шавкунов Георгий Иванович

Шавкунов Георгий (Егор) Иванович (09.08.1913—23.08.1944) — Сэбиэскэй Сойуус Геройа.

Олоҕун олуктара

1913 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Курган уобаласка Шадринскай куоракка төрөөбүтэ. Үөрэҕэ начальнай.

1932 сылтан Дьокуускайга олохсуйар, сибээс хонтуоратыгар үлэлээбитэ. Кыһыл Армияҕа 1941 атырдьах ыйыттан.

1943 сылтан сэриигэ кыттар. 195 №-дээх отделение сапера (139 №-дээх стрелковай дивизия, 50 №-дээх армия, 2-с Белорусскай фронт).

Шавкунов Могилев куорат аттыгар Днепр өрүһү туоруур күргэни тутууга хорсун быһыытын көрдөрбүтэ.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1945 сыл кулун тутар 24 күнүнээҕи Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин гвардия кыһыл армеец Шавкунов Егор Ивановичка Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.

Белосток воеводство «Прушко-Велике» диэн дэриэбинэ аттыгар көмүллүбүтэ.

Наҕараадалара

  • Ленин уордьана
  • «За отвагу» мэтээл

Аатын үйэтитии

Дьокуускайга Герой аатынан уулусса ааттаммыта.

Сигэлэр

Герои страны:Шавкунов Егор Иванович