Александр III
Александр III | |
---|---|
| |
аныгыннан 1 (13) марта 1 ноября к.) 1894 с. | |
Коронация | 15 Ыам ыйын 1883 ([[Алҕас: сыыһа кэм|Алҕас: сыыһа кэм]] [[Алҕас: сыыһа кэм год|Алҕас: сыыһа кэм]]) |
Глава правительства |
Пётр Александрович Валуев (1881—1881) Михаил Христофорович Рейтерн (1881—1887) Николай Христианович Бунге (1887—1894) |
Предшественник | Александр II |
Преемник | Николай II |
аныгыннан 1 (13) марта 1 ноября к.) 1894 с. | |
Предшественник | Александр II |
Преемник | Николай II |
Великий князь Финляндский
|
|
аныгыннан 1 (13) марта 1 ноября к.) 1894 с. | |
Предшественник | Александр II |
Преемник | Николай II |
|
|
Төрөөбүтэ |
26 олунньу (10 кулун тутар) 184510 кулун тутар 1845[3] |
Өлбүтэ |
20 алтынньы (1 сэтинньи) 1894[1][2] (49 сааһыгар) |
Көмүллүбүт сирэ | Петропавловский собор |
Ууһа | Гольштейн-Готторп-Романовы[d] |
Төрөөбүтүгэр аата | нууч. Александр Александрович |
Аҕата | Александр II[d][1] |
Ийэтэ | Мария Александровна[d][1] |
Кэргэн | Мария Фёдоровна[d][1][8][…] |
Оҕолоро | Николай II[d][9][1], Александр Александрович[d], Георгий Александрович[d][1][10], Ксения Александровна[d][1][11], Михаил Александрович[d][1][12] и Ольга Александровна[d][1][13] |
Итэҕэлгэ сыһыана | православие[d] |
Автограф | |
Монограмма | |
Наҕыраадалар | |
Военная служба | |
Принадлежность | Российская империя |
Род войск |
инфантерия; кавалерия. |
Звание |
Халыып:РИА, Генерал от инфантерии; Халыып:РИА, Генерал от кавалерии; Генерал-адъютант. |
Командовал |
1-я гвардейская пехотная дивизия; Гвардейский корпус; Русская гвардия; войска Петербургского ВО. |
Кыргыһыылар | Русско-турецкая война (1877—1878) |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Александр III — 1881 сылтан 1894 сылга дылы Арассыыйа императора.
Ыраахтааҕылаан олорбут кэмин туһунан
Кини баһылаан олорбут кэмигэр Арассыыйа урукку ыраахтааҕы уларыта тутуутун кэнниттэн историческай пауза ылбыта диэн сыаналанар. Сорохтор ону ааһан реакция кэмэ диэн сыаналыыллар. Бу кэми «Контрреформалар эпохалара» диэн ааттаабыттара.
1880-с сылларга куурс уларыйыыта Александр III уонна кини дьонун бэлиитикэҕэ сыалларынан быһаарыллар буолбакка, террористар дьайыыларынан быһаарыллар (Александр II-у өлөрүүттэн саҕалаан). Саҥа ыраахтааҕы Либерааллар уонна консерватордар ыккардыларыгар кылгастык саараан баран консерватордары талбыта. Ис дьыала миниистирэ М. Т. Лорис-Меликов конституциятын бырайыага ыраах «ууруллубута» (бу бырайыак Арассыыйаҕа Парлаамены киллэриэхтээх этэ).
Ыраахтааҕыны өлөрүүнү уопсастыбаннас ыраахтааҕы бэйэтэ наһаа «либерааллаан» «хараҥа күүстэри» босхо ыыппытыттан тахсыбыт курдук санаабыта, онон саҥа ыраахтааҕыттан «бэрээдэги олохтооһуну» күүппүтэ.
1881 сыл муус устар 29 күнүгэр ыраахтааҕы манифест таһаарбыт. Манна күүстээх былаас олохтонуохтааҕын бигэргэтэр уонна нуучча интэриэһин көмүскүүр туһунан этэр. Онтон бу сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр ылыныллыбыт «Судаарыстыба куттала суох буолуутун уонна уопсастыба чуумпуруутун хааччыйар миэрэлэр тустарынна балаһыанньаҕа» губернаатардарга киэҥ былааһы биэрбитэ. Ол курдук губернаатардар хаһыаттары сабар, атыы-эргиэн уонна промышленность тэрилтэлэрин, үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин тохтотор, земстволары уонна куорат дуумаларын үлэлэрин быстах кэмҥэ тохтотор бырааптаммыттара. Бу балаһыанньа 1917 сыллаахха дылы үлэлээбитэ.
Контрреформа саамай сүрүн дьайыытынан олохтоох салайыныыны утарбыта буолар. Земство тойонунан дворянин эрэ буолар кыахтаммыта, земство судаарыстыбаттан тутулуктаах буолбута. Куорат бэйэни салайыныыта судаарыстыба сулууспатыгар кубулуйбута. Политикаҕа сыһыаннаах дьыалалары суут сабыылаах режимҥэ көрөр буолбута.
Устудьуоннар көҥүл санаа биир сүрүн источнига буолалларын быһыытынан 1884 сыллааҕы устаабынан университеттар автономиялара көтүллүбүтэ. Преподавателлэри Үөрэх миниистирэ эрэ бигэргэтэр бырааптаммыта. Үөрэх министиэристэбэтэ анаабыт киһитэ — попечитель — декааннары аныыр кыахтаммыта, үөрэҕи уонна устудьоннары, преподавателлэри кэтиир кыахтаммыта[14].
Тус олоҕо
Дьиҥэр, убайа цесаревич Николай ыалдьан өлүөр диэри, ол аата сүүрбэ сааһыгар диэри, байыаннай сулууспаҕа бэлэмнэммит. Убайа сэлликтэн өлбүтүн кэннэ, аҕата киниэхэ цесаревич аатын иҥэрэр. Балтараа сыл буолан баран 1866 сыллаахха убайыгар анаммыт кыыһы Николай II диэн аатынан Арассыыйа Импиэрийэтин салайбыта, тиһэх импэрээтэрэ буолбута.
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 1,5 1,6 1,7 1,8 1,9 Александр III (рус.) // Энциклопедический словарь / под ред. И. Е. Андреевский — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1890. — Т. I. — С. 76—77.
- ↑ 2,0 2,1 D. M. W. Alexander III. (англ.) // Encyclopædia Britannica: a dictionary of arts, sciences, literature and general information / H. Chisholm — 11 — New York City, Cambridge: University Press, 1911. — Vol. 1. — P. 581—583.
- SLS.
- ↑ http://iranian.com/main/blog/darius-kadivar/persian-conquest-bakhtiars-great-nephew-restore-paris-famed-bridge.html
- ↑ https://www.princeton.edu/~achaney/tmve/wiki100k/docs/Alexander_III_of_Russia.html
- ↑ http://sputniknews.com/voiceofrussia/radio_broadcast/2248142/2314900/
- ↑ http://www.freewebs.com/georgeromanov/theparentsofgeorge.htm
- ↑ Мария Феодоровна (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1896. — Т. XVIIIа. — С. 639.
- ↑ Николай II (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1897. — Т. XXI. — С. 124—128.
- ↑ Георгий Александрович (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1892. — Т. VIII. — С. 420.
- ↑ Ксения Александровна (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1895. — Т. XVIа. — С. 907.
- ↑ Михаил Александрович (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1896. — Т. XIXа. — С. 485.
- ↑ Ольга Александровна (рус.) // Энциклопедический словарь — СПб.: Брокгауз — Ефрон, 1897. — Т. XXIа. — С. 911.
- ↑ Современная школьная энциклопедия. Российская история. Москуба, Росмэн, 2008