Соҕуруу Каролина
Соҕуруу Каролина/ˌsaʊθ kærəˈlaɪnə/ истэргэ) — АХШ соҕуруу-илин өттүгэр баар штат, Соҕуруу Атлантическай штаттартан биирдэстэрэ. Англия хоруолун Карл I аатынан ааттаммыт[3].
Устуоруйа
Европа колонизациятын иннинэ Соҕуруу Каролинаҕа ямаси уонна кусабо омуктар олорбуттара. 1663 сыллаахха Англия хоруола Карл II Вирджиния колониятыттан соҕуруу диэки, «Хаһаайын лордар» диэн ааттаах аҕыс английскай лордка сирдэри биэрбитэ, онтон Каролина провинцията тэриллибитэ. Соҕуруу Каролинаҕа 1670 сыллаахха бастакы европейскай нэһилиэнньэлээх пуун тэриллибитэ — Чарльз-Таун (билиҥҥи Чарлстон). 1729 сыллаахха Каролина Хоту уонна Соҕуруу Каролиналарга арахсыбыта. Соҕуруу Каролина туспа ыраахтааҕы колонията буолбута — Соҕуруу Каролина провинцията.
Тутулуга суох сэрии бүппүтүн кэннэ, колония саҥа судаарыстыба ахсыс штата буолбута. Соҕуруу Каролина тыа хаһаайыстыбатын штата этэ, онно хлопок плантациялара баһыйар этилэр.
1860 сыллаахха Соҕуруу Каролина кулуттааһыны суох оҥорууну утары АХШ-тан арахсарга быһаарыммыт бастакы соҕурууҥҥу штат буолбута. Гражданскай сэриигэ 60 тыһыынча кэриҥэ штат олохтооҕо кыттыбыта. Сэрии кэнниттэн Реконструкция кэмэ саҕаламмыта. Штатка индустриализация саҕаламмыта. Тыа хаһаайыстыбатыгар хлопчатник үүннэрииттэн соя уонна кукуруза үүннэриигэ көспүттэрэ.
Быһаарыылар
- Атлас мира / сост. и подгот. к изд. ПКО «Картография» в 2009 г. ; гл. ред. Г. В. Поздняк. — М. : ПКО «Картография» : Оникс, 2010. — С. 168—169. — ISBN 978-5-85120-295-7 (Картография). — ISBN 978-5-488-02609-4 (Оникс).
- А. М. Комков. — 3-е изд., перераб. и доп. — М. : Недра, 1986. — С. 453.
- Риверс У. Дж. A Sketch of the History of South Carolina. To the Close of the Proprietary Government by the Revolution of 1719. — McCarter & Company, 1856. — С. 62. — 470 с.
|