Гаврильева Валентина Николаевна
Валентина Николаевна Гаврильева (ахсынньы 6 к. 1944 с.) — прозаик, 1973 с. ССРС уонна Саха АССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Саха АССР Мэҥэ-Хаҥалаһыгар төрөөбүтэ. Орто оскуоланы бүтэрэн баран «Бэлэм буол» хаһыат редакциятыгар үлэлээбитэ. 1971 сыллаахха Горькай аатынан Литература институтун бүтэрбит. Бу кэмҥэ Москубаҕа Иван Ласков диэн суруйааччыны кытта билсэн кэргэннии буолбуттара. Кинитэн Андрей диэн уоллаах.
Бастакы кэпсээннэрэ 1966 с. тахсыбыттара, 1968 с. кэпсээннэрин бастакы хомуурунньуга тахсыбыта. Литератураны ырытааччылар Гаврильева кэпсээннэрэ тэттигин уонна тэтимнээҕин бэлиэтииллэр. Биир сэһэнин Ойуунускай аатынан Ньурба тыйаатыра туруорбута. Кэнники кинигэлэригэр ааптар көскө ыытыллыбыттар уонна бастакы Арассыыйа колонизатордарын тустарынан суруйар.
Айымньылара
- Хатыҥчааным барахсан: Кэпсээннэр. — Якутскай, 1968. — 84 с.;
- Дөлүhүөн уга: Сэhэннэр, кэпсээннэр. — Якутскай. — 144 с.;
- Суол: Сэhэннэр. — Якутскай, 1977. — 128 с.;
- Страна Уот-Джулустана. Повести. /Авторизованный перевод с якутского Ивана Ласкова/ — М.: «Современник», 1977. — 240 с.;
- O wielkiej podróży rudego Sieriogi, mądrego starca Ibrahima i przebiegłego myśliwego Semena Wielkiej Głowy. Warszawa. Państwowy Instytut Wydawniczy. 1980. 148 s. [Przełożyła z rosyjskiego Teresa Olczak. Z jakuckiego na rosyjski przełożył Iwan Łaskow.];
- Краіна Уот-Джулустана. Аповесці. Мінск. Юнацтва. Пераклаў С. Міхальчук. [Пераклад зроблены з выдання: В. Гаврильева. Страна Уот-Джулустана. Повести. Авторизованный перевод с якутского Ивана Ласкова. — Москва. “Современник”. 1977. — С. 176.] — Мінск. “Юнацтва”, 1981. — 176 с.;
- Мин доҕотторум: Сэhэннэр. — Якутскай: 1987. — 192 с.;
- Маленькие повести. — М.: «Современник», 1987. — 158 с.;
- Болугур Айыыта: Сэhэннэр. — Дьокуускай, 1991. — 91 с.;
- Сэhэннэр. — Дьокуускай, 1994. — 208 с.;
- Кыыс олоҕо. Сэhэннэр. — Дьокуускай: «Бичик», 2001. — 110 с.
- Эргэ өтөх кистэлэҥэ. Номох. — Дьокуускай: «Бичик», 2005. — 96 с.
- Чуумпу алааска. Cэhэннэр. — Дьокуускай: «Бичик»? 2011.
Ылыллыбыт сирэ:
- Krystyna Jagiełło. Wróć na Syberię. [Wala Gawriłowa] // Literatura. Warszawa. Nr. 32. 7 sierpnia 1975. S. 9/
- Валентина Гаврильева. // А. Егоров, В. Протодьяконов, В. Павлова. Писатели Якутии. Библиографический справочник. — Якутск, 1981. — С. 91
- Валентина Гаврильева. // Писатели земли Олонхо. Биобиблиографический справочник. [Сост. Д. В. Кириллин, В. Н. Павлова, С. Д. Шевков.] Якутск, 2000. — С. 179—180
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |