1945 сыл
Сыллар |
---|
1941 1942 1943 1944 — 1945 — 1946 1947 1948 1949 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1945 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 10 — Туурак тылыгар алтынньы, сэтинньи, ахсынньы уонна тохсунньу ыйдар ааттара уларытыллыбыттар.
- Тохсунньу 12 — Сэбиэскэй Сойуус аармыйата Германияны утары улахан кимэн киирини саҕалаабыт.
- Тохсунньу 17 — 1-кы Белоруссия фронун чаастара уонна Войско польское 1-кы аармыйата Варшаваны босхолообуттар.
- Краков куоратын босхолообут.
- Илин Пруссияттан дьону көһөрүүнү саҕалаабыт, икки ый тухары 1,8 мөл. киһи көспүтэ.
- Тохсунньу 21 — Москубаҕа ССРС Билимин Акадьыамыйатын Сүрүн ботсаада аһыллыбыт.
- Тохсунньу 27 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй 322-с стрелковай дивизия Освенцим-Биркенау тыыннаах хаалбыт хаайыылаахтарын босхолообут.
- Тохсунньу 30 — Александр Маринеску хапытааннаах сэбиэскэй С-13 подлодка Данциг аттыгар «Вильгельм Густлофф» диэн байыаннай соруктаах туттулла сылдьыбыт суперлайнеры тимирдибит (5,3 - 9,5 тыһ. киһи өлбүт).
Олунньу
- Одерга кимэн киириитин өйүүр бэлитиичэскэй соруктаах этэ. 2500-3000 кэриҥэ киһи өлбүтэ, 120 000 киһи дьиэтэ суох хаалбыта.
- Олунньу 4 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Крымҥа Йалтатааҕы кэмпириэнсийэ аһыллыбыт. Кэмпириэнсийэҕэ Рузвельт, Черчилль уонна Сталин Германия көпүтүлээссийэтин уонна кинини түөрт оккупация түөлбэтигэр араарыыны ырыппыттар. Ону кытары Польша дьылҕата, ХНТ тэриллиитэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоппуону утары сэриигэ кыттыһыыта уонна Кэриэйэ 38-с параллелинэн икки зонаҕа аҥаарданыыта кэпсэтиллибиттэр.
- Олунньу 8
- Аан дойду иккис сэриитэ: Британия уонна Канаада Рейн арҕаа кытылын ылар эпэрээһийэ саҕалаабыттар.
- Михаил Девятаев тоҕус сэбиэскэй билиэннэйдэри кытта Пенемюнде лааҕыртан "Хейнкель He 111" сөмүлүөтүнэн күрээбит.
- Олунньу 13 — Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл аармыйа Будапешт куораты ылбыт, ньиэмэс уонна венгр сэриилэрэ бэриммиттэр.
- Олунньу 15 — Үөһээ Дьааҥы улууһун хомсомуоллара Николай Неустроев (хапытаан), Александр Афанасьев (политрук), Н.Баишев, П.Климовскай, Н.Слепцов, Г.Обутов, И.Слепцов Дьокуускайга тиийэр сыаллаах хайыһарынан туруммуттар. Сарсыарда 10 чааска араҕалларыгар -47° кыраадыс эбит. Төһө да тымныы күн-дьыл турдар кинилэр 2254 км барыахтаахтара. Сындалҕаннаах айан түмүгэр 14 хонугунан хамаанда этэҥҥэ Дьокуускайы булбута.
- Олунньу 16 — Аляскаҕа тэҥ быраап туһунан сокуон олоххо киирбит. Бу АХШ-ка ылыныллыбыт дискриминацияны утары бастакы сокуон.
- Олунньу 21 — Аан дойду иккис сэриитэ: Бразилия экспедиционнай корпуһа Италияҕа Монте-Кастелло аттынааҕы кыргыһыыга ньиэмэстэри кыайбыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 1 — Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
- Кулун тутар 2 — Саха АССР Совнаркомун 233 № уурааҕынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище тэриллибитэ. Тэрийиини Саха норуодунай худуоһунньуга Петр Романов көҕүлээбитэ.
- Кулун тутар 10 — Дьааҥы маҥнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэриилэһэ сылдьар Илья Попов дьонугар Германияттан бу күн суруйбут суругар Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Винокуровтан дьикти истиҥ уонна сиһилии суругу туппутун сөҕөн суруйбут. Ол сурукка өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Попов аҕата өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннааҕын, убайа чиэһинэй большевигын ахтыбыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьааҥы олоҕун кэпсээбит. Ону таһынан билэр дьонноро тугу гыналларын, куоракка төһө дьиэ тутуллубутун сиһилии суруйбут эбит. Ол суругу дьонугар ыытыах буолбутун, ону бомбалааһыҥҥа түбэһэн туох баар малын кытта күдэҥҥэ көппүтүн кэпсээбит. Попов суруктара Верхоянскай куорат түмэлигэр харалла сыталлар.
- Кулун тутар 22 — Араб Лигата тэриллэр
- Эльба өрүскэ сэбиэскэй уонна америка армиялара үөрүүлээх көрсүүлэрэ буолбут.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 2 — Берлиҥҥа, Рейхстаг үрдүгэр ССРС былааҕа анньыллыбыт.
- Ыам ыйын 8 — Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт.
- Ыам ыйын 8 — Саха саллаата Донской Феодосий Рейхстаг таастарыгар сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 24 күнүгэр Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта.
От ыйа
- От ыйын 5 — Советскай армияҕа сэрии бүппүтүнэн демобилизация саҕаламмыт.
Алтынньы
- Алтынньы 13 — Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Бүлүү уокуругун дөкүмүөннэрин суох гыныыны утаран саха биллиилээх учуонайа Георгий Башарин Саха АССР НКВД-тын архыыбын сулууспатыгар сурук суруйбут.
- Алтынньы 24 — Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрин устааба күүһүгэр киирбит. ХНТ (United Nations) диэн иллэр ардыларынааҕы сыһыаны тупсарарга, аан дойдуга эйэни тутуһарга уонна сэриини суох оҥорууну ситиһэргэ олохтоммут дойдулар ардыларынааҕы тэрилтэ. Билиҥҥитэ ХНТ-га 192 дойду киирэр.
- Алтынньы 25 — Тайвань арыыта 50 сыллаах Дьоппуон импиэрийэтин былааһыттан Кытай Өрөспүүбүлүкэтигэр төннөрүллүбүт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 16 — ЮНЕСКО төрүттэммит — Холбоһуктаах Нациялар үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (ааҥл. UNESCO; United Nations Educational, Scientific, and Cultural Organization). Тэрилтэ сүрүн сыала-соруга - аан дойдуга эйэни уонна куттал суох буолуутун үөрэх, билим уонна култуура сайдыытын көмөтүнэн хааччыйыы. Дойдулар үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһууларын, босхо үөрэхтээһини өйүүр, санаа уонна билии атастаһар киин курдук үлэлиир.
Төрөөбүттэр
- Николай Румянцев — РФ уонна СӨ үтүөлээх архитектора, Архитектураҕа РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
- Мария Никитина — СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна.
- Анатолий Антонов — СӨ үтүөлээх юриһа, юриспруденция билимин хандьыдаата.
- Тохсунньу 27 — Григорьев Марк Петрович — математик учуонай, төрүччү чинчийээччи (генеалог).
- Олунньу 10 — Решетникова Аиза Петровна, пианист, биллиилээх муусука диэйэтэлэ, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа.
- Андрей Кобяков — суруйааччы, Кэбээйи улууһун Ытык киһитэ.
- Олунньу 15 — Василий Атласов — Дьокуускайга баар «Ытык Хайа» этно-уһаайба тэрийээччитэ, саха сиэрин-туомун тарҕатааччы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- Кулун тутар 13 — Николаев Владимир Тимофеевич, "Саха Омук" уопсастыба 1990-93 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥыырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт.
- Кулун тутар 28 — Федорова Евдокия Николаевна — география билимин доктора.
- Муус устар 13 — Винокуров Николай Егорович (Урсун) — поэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт.
- Ыам ыйын 11 — Афанасий Ильич Тобонов — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэрии утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр.
- От ыйын 14 — И. П. Степанов, саха оператын артыыһа, баас, РФ народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата
- Атырдьах ыйын 9 — Иванов-Ороһуунускай Иван Еремеевич, поэт и публицист. Арассыыйа суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.
- Алтынньы 20 — Неустроев Борис Федорович – Мандар Уус (1945), СР норуотун маастара, хомусчут, бөлүһүөк, спорстмен.
- Никита Михалков — Арассыыйа киинэ артыыһа, режиссёра, сценариһа, продюсера, РСФСР народнай артыыһа. Кини киинэлэрэ Оскар, Канны кинофестивалын уо.д.а. бириэмийэлэргэ тиксибиттэрэ.
- Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 28 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
Өлбүттэр
- Бурнашев, Иннокентий Иванович — Тоҥ Суорун (1868 — 1945), олоҥхоһут, норуот ырыаһыта.
- Попов Иван Васильевич (07.05.1874—1945) — Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, саха бастакы идэтийбит живописеһа.
- Франклин Делано Рузвельт
- Тохсунньу 6 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туһунан үөрэх айааччыта, Украина Билим Академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
- Тохсунньу 21 — Владимир Татаринов — ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Нам улууһун Ытык киһитэ.
- Кулун тутар 30 — Миронов Алексей Афанасьевич (11.04.1912—30.03.1945) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Муус устар 20 — Вацлав Серошевскай (1858 — 1945) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист.
- Муус устар 30 — Адольф Хитлер
- Ахсынньы 12 — Драверт Петр Людовикович — Сибиири чинчийээччи, поэт.