Винокуров Николай Егорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Винокуров Николай Егорович — Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут дьонтон биирдэстэрэ.

1905 с. Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Аҕата Винокуров Егор (Тоҕойуута Дьөгүөссэтэ) дьадаҥы киһи этэ.

Кини Далыр, Үөһээ Бүлүү оскуолаларын бүтэрэн 1921—22 сыллардаах үөрэх дьылыгар Булүүтээҕи иккис ступеннаах оскуолаҕа киирбитэ. 1920 сыллаахха комсомолга киирбитэ. Николай 1922 сыллаахха Хохочойдооҕу тоһуурга түбэһэн ытыалаһан иһэн, тоҥуу хаарынан куотан чугас дьадаҥы ыалларга саһа сылдьарын үрүҥнэр тутан ылан Хампаҕа илдьэн ыппыттара[1].

Өссө маны көр

Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх атын улуустарга Гражданскай сэриигэ кыһыллар өттүлэриттэн охсуспут дьон

Быһаарыылар

  1. Үөһээ Бүлүү 1917—1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968