Атласов Василий Николаевич
Атласов Василий Николаевич — саха култууратын пропагандииһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
1945 сыл олунньу 15 күнүгэр Уус Маайаҕа Нооторо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэнин Валентина Николаевнаны кытта 1989-1999 Мэҥэ Хаҥаласка «Сото» диэн ааттаах этнокультурнай комплексы туттаран үлэлэппиттэрэ. Билигин «Ытык Хайа» этно-уһаайбаны Дьокуускай куоракка үлэлэтэллэр[1].
Быһаарыылар
- ↑ Энциклопедия культуры и искусства Якутии, 2011, ISBN 978-5-7696-3514-4