Власов Василий Михайлович
Власов Василий Михайлович — 1998—2002 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ.
Олоҕун олуктара
- 1945 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Саха АССР Малая Марха с. төрөөбүтэ.
- 1963 с. — «Черемховоуголь» трестка бурстанок машиниһын көмөлөһөөччүтэ.
- 1968 сыллаахха Иркутскайдааҕы политехническай институту бүтэрбит. Техническэй билимнэр кандидаттара.
- 1968—1969 сс. — «Якуталмаз» холбоһук «Якутнипроалмаз» институтугар салаа инженера.
- 1969—1970 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
- 1970—1981 сс. — «Якутнипроалмаз» институт горнай салаатыгар старшай инженер, младшай научнай үлэһит, сектор сэбиэдиссэйэ, лаборатория сэбиэдиссэйин солбуйааччыта.
- 1981—1990 сс. — ССКП Дьокуускайдааҕы обкомун промышленностка салаатын инструктора, партия обкомун бастакы секретарын көмөлөһөөччүтэ, секретарь, ССКП Мирнэйдээҕи горкомугар бастакы секретарь.
- 1990—1993 сс. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
- 1993—1997 сс. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин пенсияҕа сулууспатын Департаменын директора.
- 1997—1998 сс. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенын Дьаһалтатын салайааччыта.
- 1998 с. олунньу — 2002 с. олунньу — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын Бэрэссэдээтэлэ.
- 2002 сылтан — «АЛРОСА» АК вице-президенэ.
Мирнэй куорат Сүбэтин үс ыҥырыытын норуодунай депутата, Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин XI, XII ыҥырыыларын норуодунай депутата.
2002 сыллаахха Ил Түмэн үһүс ыҥырыытын норуодунай депутатынан талылла сылдьыбыта.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенын Ытык грамотата (1994)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ (1995)
- Хотугу сулус уордьан кавалера[1] (2000)
Быһаарыылар
Сигэлэр
- Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия):Власов Василий Михайлович, Председатель Правительства РС(Я) (февраль 1998 — февраль 2002)
- Официальный сайт Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия):Власов Василий Михайлович
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |