Дьяконова Юлия Назаровна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьяконова Юлия Назаровна

Дьяконова Юлия Назаровна (17.07.1953—30.07.1986) — саха уоһун номоҕун, остуоруйатын чинчийбит учуонай, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.

Олоҕун олуктара

  • 1953 сыллаахха от ыйын 17 күнүгэр Саха АССР Кэбээйи улууһугар Кэбээйи нэһилиэккэ төрөөбүт.
  • 1975 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбит.
  • 1975—1976 сс. — Орджоникидзевскай оройуон оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит.
  • 1976—1980 сс. — ССРС НА СС ТЛИ Институтын лаборана.
  • 1980—1983 сс. — аан дойду литературатын Институтын аспирана.
  • 1984—1985 сс. — ССРС НА СС ТЛИ Институтын младшай научнай үлэһитэ.
  • 1984 с. — тыл үөрэҕин билимнэрин кандидатыгар «Якутские сказки: русско-якутские взаимосвязи» тиэмэҕэ суруйбут диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.

Ю. Н. Дьяконова фольклор, чуолаан остуоруйа эйгэтигэр, тутаах идэлээх үлэһит этэ. Студенныыр сылларын кэмиттэн диалектология уонна фольклор экспедицияларыгар, Өлүөнэ өрүс орто сүнньүнэн, Индигир уонна Халыма өрүстэр кытыыларынан олорор нууччалар сэлиэнньэлэринэн, кыттыбыта; Тува уонна Алтай, Красноярскай кыраайынан фольклор уонна этнография экспедицияларыгар кыттыһан Сибиир омуктарын фольклордарын хомуйбута. «Фольклор Русского Устья» (Л., 1986) кинигэни бэчээккэ бэлэмнээһиҥҥэ үлэлэспит.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Якутская сказка: Русско-якутские взаимосвязи» — монография.

Ыстатыйалар

  • «Русские сказочные сюжеты в якутских сказках» (Полярная звезда. — 1982. — № 3).
  • «Русско-якутские фольклорные связи» (Русская литература. — 1983. — № 2).
  • «Языковая ситуация в сельских районах Якутии» (Сб.: Культурное строительство в Советской Якутии. — Якутск, 1984).
  • «Семейно-родовые обычаи и обряды в якутских сказках» (Фольклор народов РСФСР: Межвуз. сб. — Уфа, 1984).
  • «О стиле якутской волшебной сказки» (Там же. — Уфа, 1986).

Ю. Н. Дьяконова туһунан

Мухоплева С. Д. «Остуоруйа» о Бабе-Яге и Иване-Царевиче: Ю. Н. Дьяконовой «Якутская сказка: русско?якутские взаимосвязи»] // Соц. Якутия — 1991 — 16 янв.

Сигэлэр