Мэҥэдьэк нэһилиэгэ (Ньурба улууһа)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мэҥэдьэк нэһилиэк Ньурба улууһун каартатыгар

Мэҥэдьэк нэһилиэк. Ньурба улууһун нэһилиэгэ, киинэ Хатыы.

Улуус кииниттэн 124 км арҕаа диэкки сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 559 киһи (2010 сыл).


Нэһилиэктэн төрүттээх дьоннор

  • 1889 сыллаахха төрөөбүтэ Харитонов Иона Матвеевич (1889 — 1972), аатырбыт олоҥхоһут.
  • 1916 сыл муус устар 3 күнүгэр төрөөбүтэ Семенов Василий Алексеевич (03.04.1916-07.10.1977) - Ойуунускай айар үлэтин үөрэппит чинчийээччи, филологическай билим кандидата, литературовед.
  • 1927 сыллаахха төрөөбүтэ Cтепанов Василий Васильевич (1926-1995), Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, "Отечество" уордьан II степенин кавалера, ССРС потребительскай кооперациятын туйгуна, аатырбыт оhуохайдьыт, тойуксут, алгысчыт.
  • 1930 сыллаахха төрөөбүтэ Алексеев Егор Егорович (1930 - 2010), история наукатын дуоктара, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, А.Е.Кулаковскай аатынан государственнай премия лауреата, Ньурба, Таатта, Нам, Үөhээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
  • 1936 сыл алтынньы 7 күнүгэр төрөөбүтэ Пахомов Андрей Кириллович (07.10.1936—31.12.2001) — история билимин кандидата.
  • Танхаров Иван Яковлевич (1938-2010), ССРС культуратын туйгуна, "РФ культура5а ситиhиилэрин иhин" знак хаhаайына, СӨ култууратын үтүөлээх үлэhитэ, Ньурба улууhун бочуоттаах олохтооҕо.
  • Егоров Август Васильевич (1968), СӨ С.А. Новгородов аатынан "Бичик" НКК директора, СӨ норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ.
  • Иннокентьев Николай Петрович (1961), СӨ Правительстватын иhинэн массыына уонна атын тииптээх техника техническай туругун кэтээн көрөр кылаабынай государственнай инспекция салайааччыта, генерал-майор, СӨ тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, СӨ тыатын хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ.
  • Cеменова Анастасия Семеновна (1943), Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэhитэ, РФ үөрэхтээhинин туйгуна, Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 370 сылыгар анаммыт знак хаhаайына.
  • Афанасьев Ньургун Вячеславович (1991) - филологическай библим кандидата, РФ Президенын талааннаах эдэр ыччакка бириэмийэтин хаhаайына.

Ылыллыбыт сирэ

Энциклопедия Якутии, М., 2000 г.

"Известные люди Республики Саха (Якутии), М.: 2012