Сир хамсааһына
Сир хамсааһына диэн сир хаҕын алдьаттаҕына Сир үөһээ араҥата түүллэҥнээһинэ.
Сиргэ күн аайы тыһыынчанан ааҕыллар сир хамсааһына буолар, ол эрэн үксүлэрэ биллибэккэ туох да хоромньута суох ааһаллар. Сир хаҕа (хатырыга) иэдээн улахан мозаиканы майгынныыр тектоник билиитэлэртэн турар. Ол билиитэлэр хамнааһыннара кэмиттэн кэмигэр улахан күүрээни үөскэтэр, сир анныгар баттааһын үрдүүр, онтон төлө тэбэр. Оччоҕуна ол энергия долгуна тула тарҕанар, сир хатырыгын хамсатар, сороҕор хайытар даҕаны.
Сиргэ икки сейсмическэй түөлбэ - сир хамсааһына элбэхтик буолар сирдэрэ - баар. Бастакыта Соҕуруу Азияны кыйа Сир ортотунааҕы байҕалынан Илин Африкаҕа дылы тиийэр. Иккис - Чуумпу далайы төгүрүччү.
Сир долгунун сейсмическэй диэн ааттыыллар. Ол долгуннары сейсмограф диэн анал тэриллэринэн кээмэйдиилэр. Долгуннар күүстэрин Рихтер шкалаатынан быһаараллар. Холобур, 7 баалтан ордук күүстээх буоллаҕына сир хамсааһына дьиэлэри алдьатан дьон өлүүтүгэр тиэрдиэн сөп.