Константинов Роман Иннокентьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Константинов Роман Иннокентьевич
Төрөөбүт күнэ 14 алтынньы 1896({{padleft:1896|4|0}}-{{padleft:10|2|0}}-{{padleft:14|2|0}})
Төрөөбүт сирэ
Өлбүт күнэ 1994
Өлбүт сирэ
Дойду
Үлэтэ пастух
Наҕараадалар уонна бириэмийэ
Социалистыы Үлэ Дьоруойа
Ленин уордьана

Константинов Роман Иннокентьевич (14.10.1896—1994) — Фрунзе аатынан колхоз сылгыһыта, Саха Сириттэн бастакы Социалистическай Үлэ Геройа.

Олоҕун олуктара

  • 1896 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Боотур Уус улууһун Бастакы Болугур нэһилиэгэр (билиҥҥи Амма улууһа) бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
  • 1933—1938 сс. — Константинов аатынан колхоз сылгыһыта.
  • 1938 сылтан — М. В. Фрунзе аатынан колхоз сылгыһыта, сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ.

ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1948 сыл атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи Ыйааҕынан Константинов Роман Иннокентьевичка Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибит, Ленин уордьана уонна «Сиэрпэ уонна Балта» кыһыл сулус туттарыллыбыт.

  • 1949, 1958 сс. — Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин депутата.
  • Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар олорбут.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Социалистическай Үлэ Геройа[1] (1948)
  • Ленин уордьана (1948)
  • Ленин уордьана (1949)

Аатын үйэтитии

  • Р. И. Константинов аата Чурапчы улууһун Амма орто оскуолатыгар иҥэриллибит (2003)
  • Чурапчы улууһугар Констатинов аатынан бириэмийэ олохтоммут

Өссө маны көр

Социалистическай Үлэ Геройдарын тиһигэ (Саха Сирэ)

Быһаарыылар

Сигэлэр

Hero of Socialist Labor medal.png Константинов Роман Иннокентьевич. Cитим-сир «Герои Страны».