Рыбаковскай Эдуард Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Рыбаковскай Эдуард Михайлович (20.08.1927—18.07.2010) — биллиилээх суруналыыс, 1991-2002 сс. «Якутия» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ.

Олоҕун олуктара

  • Киренскэйгэ төрөөбүт.
  • 1947 сылтан Саха АССР Пеледуй бөһүөлэк лесозаводугар рабочайынан үлэҕэ киирбит, ол сыл суруналыыс үлэтигэр көспүт.
  • 1963 сыллаахха Ураллааҕы государственннай университет суруналыыс идэтин бүтэрбит.
  • Араас сылларга «Ленский судостроитель», «Ленский водник», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга үлэлээбитэ.
  • 1991 сыл атырдьах ыйыттан 2002 сыл ахсынньытыгар дылы өрөспүүбүлүкэ «Якутия» хаһыатыгар сүрүн эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
  • 2010 сыллаахха от ыйын 18 күнүгэр Москваҕа, ыараханнык ыалдьан, 83-с сааһыгар күн сириттэн барбыт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна
  • Дьокуускай Ытык олохтооҕо[1] (1997)
  • Ем. Ярославскай аатынан Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын бириэмийэтин лауреата[2]

Өссө маны көр

Дьокуускай ытык олохтоохторо

Быһаарыылар

Сигэлэр