Ястремскай Сергей Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ястремскай Сергей Васильевич

Сергей Васильевич Ястремскай (1857—1931) — Саха сиригэр көскө кэлэ сылдьан саха тылын грамматикатын үөрэппит киһи.

Мэҥэ улууһун Тараҕай нэһилиэгэр көһөрүллүбүт, онтон 1892 с. бэс ыйыгар төттөрү Чурапчыга ыытыллыбыт. Онно икки сыл олорбут.

Саха сиринээҕи 1894—1896 сс. комплекснай экспедицияҕа кыттыбыт, сахалар тылларын уонна фольклордарын үөрэппит.

1896 с. бэс ыйын 2 күнүгэр С. В. Ястремскай Саха сириттэн барбыт. Иркутскайга быстах кэмҥэ олорон эрэн бастакы ыстатыйаларын бэчээттээбит.

Арассыыйа киинигэр 1900 с. атырдьах ыйыгар төннүбүт. 1902 с. алтынньытыгар Одессаҕа көспүт, онно бааннарга кассирынан үлэлээбит. Чуолкай өлбүт сыла биллибэт. Быһа барыллаан 1931 уонна 1934 сыллар ыккардыларыгар өлбүт буолуон сөп.

Сүрүн үлэтэ «Грамматика якутского языка». Саха тылын үөрэтээччилэр бу үлэтэ О. Н. Бетлингк чинчийиитин салҕааһынынан ааҕыллар. О. Н. Бетлингк саха тылын грамматикатын маҥнай чинчийбит киһинэн биллэр.

Кини үс үгэни.

Г. У. Эргис сөпкө тылбаастаммыт диэн этэн турардаах.

Өссө маны көр

1925 с. суруллубут автобиографията