Веденяпин Аполлон Васильевич
Веденяпин Аполлон Васильевич (1804, с. Веденяпино, Мордовия, — 2(14).7.1872, с. Тройня, Мордовия), декабрист.
9-с артиллерийскай бригада подпоручига, холбоһуктаах славяннар уопсастыбаларын чилиэнэ (1825 ыам ыйыттан). Дворянин уола. Саллааттар уонна норуот өрөбөлүүссүйэҕэ кыттыахтаахтар диэн санаалаах эбит, холбоһуктаах славяннар уопсастыбалара Соҕуруу декабристар уопсастыбаларын кытта холбоһорун утарбыт.
Суутунан болдьоҕо суох көскө ыытыллыбыт, Киренскайга уонна Иркутскайга олорбут. 1856 сыллаахха амнистияланан дойдутугар төннүбүт[1].
Быһаарыылар
- ↑ Большая Советская Энциклопедия