Алымов Тимофей Моисеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алымов Тимофей Моисеевич (1888 кулун тутар 3 күнэ — 1918 атырдьах ый 18 күнэ) — көскө ыытыллыбыт, революционер, Сибиир гражданскай сэриитин дьоруойа.

Перовск куорат училищетын бүтэрэн бастаан Ташкеҥҥа, онтон Оренбурга үлэлии барар

1908 сыллаахха Перовска төннөн полиция кэтэбэлигэр киирэр. Ол сылга «Перовск анархистарын бөлөхтөрүн» туһунан дьыала тэриллибитэ, онтон «бөлөх тэрийээччитэ уонна салайааччыта Т. М. Алымов этэ» диэн түмүк тахсыбыта. Маны таһынан, Ташкенҥа уонна Киин Арассыыйа хас да куоратыгар өрөбөлүүссүйэ тэрилтэлэрин кытта сибээһи олохтообута уонна тутуһара диэн буруйдаммыта. Т. Алымов хаайыыга быраҕыллыбыта. Ташкент хаайыытыттан 1910 сыллаахха саас босхолонон көскө Саха Уобалаһыгар ыытыллыбыта. Ново-Николаевское сэлиэнньэҕэ (билиҥҥи Маҕан) олороро. Ол сылга сэтинньи ыйыгар Байаҕантай улууһугар онтон Танда диэн сэлиэнньэҕэ көһөрүллүбүтэ. 1912 сыллаахха тохсунньу ый 15 күнүгэр «ураты наадаттан сылтаан» Дьокуускайга айанныыр уонна Ново-Николаевскайга олорор.

1913 сыллаахха олунньу ый 21 күнүгэр Романовтар династиялара 300 сыл туолбутун иһин ыраахтааҕы ыйааҕынан көс хаайыылаах болдьоҕо аҕыйаабыта.

1918 сыллаахха Ленско-Витимскай көмүс хостуур сиригэр былаас Сэбиэккэ көһөр. Сэбиэт иһигэр уон сэттэ киһи баара, сүрүнэн большевиктар. Олор ортолоругар Тимофей Моисеевич баара. Бодойбоҕа Кыһыл Гвардия 2-с бодойбо этэрээтэ үөскиир.

1918 сыллаахха атырдьах ый 18 күнүгэр билиэҥҥэ түбэһэр онтон ытыллар.

Аатын үйэтитии

1920 сыллаахха ахсынньы 31 күнүгэр Половинка сэлиэнньэ аатын Алымовкаҕа уларыйбыттар.

1929 сыллаахха Алымовка сэлиэнньэҕэ «Партизан Алымов» диэн колхоз тэриллибитэ.

Тимофей Моисеевич Алымов аатынан Дьокуускай куорат уокуругун Маҕан сэлиэнньэҕэ уулусса ааттаммыт.

Литэрэтиирэ

Имена на улицах Якутска : (биобиблиографический справочник) / Окружная администрация города Якутска, Управление культуры и духовного развития городского округа «город Якутск» Муниципальное бюджетное учреждение "Централизованная библиотечная система городского округа «город Якутск», Информационно-библиографический отдел; [составители: Зедгенидзева А. Н., Иванова М. Н., Купоросова Т. И. и др. ; редакторы: Попова С. В., Иванова М. Н. ; руководитель проекта Тихонова Н. Н. ; вступительное слово главы ГО «город Якутск» Евгения Григорьева]. — Якутск : ЦГБ, 2002- . — 21 см. Вып. 4. — 4-е изд., перераб. — 2022. — 693 c. : портр. — 69 экз.