Сунтаар

Сунтаар — Сунтаар улууhун уонна Сунтаар нэhилиэгин административнай киинэ.

География

Бүлүү өрүс хаҥас кытылыгар турар. 1764 сыллаахха олохтоммута. Олохтооҕун ахсаана — 10 034 (2010 с.)

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһаСунтаар1.PNG
undefined

Устуоруйа

Сэлиэнньэ туһунан сурукка бастакы ахтыллыбыт дөкүмүөнүнэн Семен Ремезов «Чертежная книга Сибири» диэн каартата буолар.

Бу кинигэ 1701 с. Тобольскай куоракка тахсыбыт. Картаҕа Сунтаар диэн сир уонна Сунтаар күөлэ бааллар.

1764 с. «Введения во Храм Пресвятой Богородицы» диэн ааттаах мас таҥара дьиэтэ тутуллубут. 1854 с.

Сунтаарга Р. К. Маак экспедицията сылдьыбыт, «Вилюйский округ» диэн үлэтигэр сэлиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын туһунан суруллубут.

ХIХ үйэ 60-с сылларыгар Саха Сиригэр, ол иһигэр Бүлүү уокуругар, араас чинчийиилэр ыытыллыбыттара. Ол түмүктэрэ Нуучча Географическэй Обществотын архыыбыгар, Санкт-Петербург судаарыстыбаннай архыыптарыгар харалла сыталлар.

1925 с. сэлиэнньэҕэ уонна улууска Саха Сирин үөрэтэр комплексанй хамыыһыйа экспедицията үлэлээбит.

Бу кэмҥэ элбэхтик хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ билигин Сунтаар олохтоохторун тус бэйэлэрин архыыптарыгар хаалбыттар.

А. Уваровскай, Ф. Сафронов, этнограф П. Кларк, Г. Ксенофонтов үлэлэригэр Сунтаар туһунан киһи сэргиир матырыйааллара бааллар.

Инфраструктура

Тыа хаһаайыстыбатын салаалара: ынах үүтүн, этин оҥорон таһаарыы, сылгы этин оҥорон таһаарыы, оҕуруот аһын үүннэрии.

Оһуохай дьиэтэ үлэлиир, норуот театра баар. Профтехучилище, орто оскуолалар, бастакы сүһүөх оскуолата, киин улуустааҕы балыыһа, эргиэн уонна өҥө оҥоруу тэрилтэлэрэ бааллар.

Сунтаарга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы алмааһы кырыылыыр завод 1992 сыллаахха сэтинньи 23 күнүгэр аһыллыбыта.

2025 сыл бэс ыйыгар «Зелёные платежи» бырагыраама чэрчитинэн бөдөҥ мас үүннэрэр тэпилииссэ олохтоммута. Тэпилииссэҕэ сүрүннээн бэс үүннэрэллэр[2].

Сунтаар бөһүөлэгиттэн төрүттээх биллэр дьон