Тумул (Сунтаар улууһа)

Тумул — Сунтаар улууһун сэлиэнньэ көрүҥнээх нэһилиэнньэлээх пууна. Дьаһалтанан Кутана нэһилиэгэр киирэр.

Устуоруйа

Фольклорист Г. Е. Федоров суруйуутунан, кыргыс үйэтин (XVI—XVII ү.) иннинэ, Күүкэй күөлүн илин өттүгэр Күүкэй диэн эбэҥки олорбут, номох этэринэн кини күөлгэ бэйэтин аатын иҥэрбит[2].

Географията

Сэлиэнньэ Саха Сирин соҕуруу-арҕаатыгар, Бүлүү өрүс уҥа хочотугар, Күүкэй күөл соҕуруу кытылыгар, на расстоянии примерно 61 километра (по прямой) к северо-северо-востоку (NNE) от села Сунтаар улуус кииниттэн хоту-хоту-илин 61 км кэриҥэ турар баар.

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһаСунтаар6.PNG

Климат

Бу сир климата айылҕатынан резко континентальнай. От ыйыгар, саамай сылаас ыйга, ортотунан 17-18 °C, оттон саамай тымныы ыйга тохсунньуга −34-тэн −50 °C диэри. Сыллааҕы орто сөҥүүтэ 250—300 мм[3].

Кэм курдааһына

Тумул сэлиэнньэ МСК+6 кэм курдааһыныгар баар. Туһаныллыбыт бириэмэ UTC-ҕа сыһыаннаах уларыйыыта +9:00[4].

Ураты харыстанар сир

Сэлиэнньэ кытылыгар турар Күүкэй күөлүгэр 2018 сыллаахха олохтоох суолталаах ураты харыстанар «Күүкэй Күөлэ» айылҕа учаастага үөскээбитэ[5].

Нэһилиэнньэ

Дьон ахсаана
200220102020
13112
2,5
5
7,5
10
12,5
15
2002
2010
2020
Эр киһи-дьахтар састааба

2010 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ[ru], нэһилиэнньэ гендернай тутулугар эр дьон 27,3 %, оттон дьахталлар 72,7 % ылаллара.

Национальнай састааба

2002 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ[ru], 13 киһилээх нэһилиэнньэ сахалартан 100 % турара[6].

Инфраструктура

Сэлиэнньэ уулусса ситимэ биир уулуссаттан турар (Майскай)[7].

2024 сылга урбаанньыт Лука Егоров көҕүлээһининэн биэс сыл иһигэр сэлиэнньэҕэ үс этээстээх түмэл тутуллубута[8][9].

Ыалдьыттар түмэл арыллыытыгар. 2024 атырдьах ыйа

Тумулга ыалдьыттарга аналлаах сынньалаҥ түһүлгэ үлэлиир. Тутуу Саха Сирин үтүөлээх ууһа Владимир Куприянов киэнэ[8].

Быһаарыылар

  1. https://14.rosstat.gov.ru/folder/179476
  2. Сунтаар фольклора: (фольклорист Г. Е. Федоров суруйууларынан). — Якутск: Дани-Алмас, 2019. — 256 с. — ISBN 978-5-91441-267-5
  3. Георгафия улуса. Официальный информационный портал Республик Саха (Якутия). Сигэнии күнэ: 9 Сэтинньи 2019. Архивировано 9 Сэтинньи 2019 года.
  4. Федеральный закон от 03.06.2011 № 107-ФЗ «Об исчислении времени», статья 5 (рус.) (3 Бэс ыйын 2011).
  5. В Якутии создана новая особо охраняемая территория — уникальное озеро «Күүкэй күөлэ». https://www.yakutia.kp.ru (6 Кулун тутар 2018). Сигэнии күнэ: 10 Бэс ыйын 2025.
  6. Коряков Ю. Б. База данных «Этно-языковой состав населённых пунктов России». Сигэнии күнэ: 9 Сэтинньи 2019. Архивировано 27 Кулун тутар 2020 года.
  7. Регионы России → Саха (Якутия) респ. → Сунтарский у. → Тумул с. Сигэнии күнэ: 9 Сэтинньи 2019. Архивировано 5 Муус устар 2015 года.
  8. 1 2 Тумулга түмэл түмүөн түмтэ. https://sakha-sire.ru/ (13 Атырдьах ыйын 2024). Сигэнии күнэ: 10 Бэс ыйын 2025.
  9. Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр саҥа таас түмэл тутулунна. https://gtrksakha.ru/ (14 Атырдьах ыйын 2024). Сигэнии күнэ: 10 Бэс ыйын 2025.

Сигэлэр