Элгээйи (Сунтаар улууһа)

Элгээйи — сэлиэнньэ, Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин киинэ.

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһаСунтаар2.PNG

Олохтоох дьоно

Элгээйи нэһилиэгин социально-экономическай пааспарын 2016 сыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи көрдөрүүтүнэн 1948 киһи олорор.

Историята

Элгээйи нэһилиэгэ 1771 сыллаахха төрүттэммитэ. Икки үйэ тухары нэһилиэк араас экономическай уонна социальнай уларыйыылары тулуйан, сайдыы суолун тутуһан билигин даҕаны Республика уонна Улуус сүдү суолталаах улахан нэһилиэгэ буолар.

Нэһилиэкпитигэр 30-ча араас көрүҥнээх, киһи олоҕун араас эйгэтин хааччыйар тэрилтэлэр бааллар. Олортон улахан суолталаах уонна элбэх нэһилиэнньэни хабар тэрилтэлэрбит: П. Х. Староватов аатынан орто оскуола, С. С. Яковлев аатынан Элгээйитээҕи участковай балыыһа, үс детсадтар: Чуораанчык, Елочка, Кэнчээри, Оҕо искусствотын оскуолата, «Оһуор» култуура киинэ, Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын филиала уо.д.а.

Нэһилиэкпитигэр эрэ буолбакка, улууска уонна Республикаҕа, ааһа баран Республика тас өттүгэр да киэҥник биллибит Айылҕабыт түмэлэ баар. Ону таһынан «Туойдаах Алаас» историко-краеведческай, С. А. Зверев аатынан фольклор түмэллэрэ бааллар.

Инфраструктура

2024 сыл тохсунньутугар сэлиэнньэҕэ быраас амбулаторията арыллыбыта[2].

Биллиилээх дьоно

  • Журавлев Семен Максимович — Бодойбо оройуонугар подхозу тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ;
  • Староватов Петр Хрисанфович — кыраайы үөрэтээччи, учуутал, Үлэ Дьоруойа, Саха Сиригэр алмаас хостонуон сөбүн аан бастаан туруорсубут киһи;
  • Аввакумов Еремей Кузьмич — РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар оройуонун, Элгээйи нэһилиэгин ытык олохтооҕо;
  • Андреев Борис Николаевич — кыраайы үөрэтээччи, РСФСР оскуолатын үтүөлээх учуутала. Элгээйигэ Айылҕа түмэлин олохтообут;
  • Куприянова Татьяна Семеновна — Норуот үөрэҕириитин туйгуна, «Дети Саха-Азия» стипендиата, Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин ытык олохтооҕо;
  • Кривошапкина Юлиана Виссарионовна (Дьүрүйээнэ) — хомусчут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура туйгуна.

Быһаарыылар

  1. https://rosstat.gov.ru/vpn/2020/Tom1_Chislennost_i_razmeshchenie_naseleniya
  2. Саҥа быраас амбулаториялаах Элгээйигэ. https://sakha-sire.ru. Саха Сирэ (13 От ыйын 2025). Сигэнии күнэ: 14 От ыйын 2025.