Кутана (Сунтаар улууһа)

Кутана — сэлиэнньэ, Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгин киинэ.

Устуоруйа

1767 сыллаахха бурдук ыһыллыбыта[2].

1865 сыллаахха сэлиэнньэҕэ Манчаары кэлбитэ[2].

1873 сыллаахха сэлиэнньэҕэ Пресвятой Богородица Благовещениятын аатыгар Благовещенскай сыаркап тутуллуба[2].

Сэлиэнньэ 1900 сылтан 1921 сылга диэри Сунтаар улууһун дьаһалтатын киинэ этэ[2].

Этимология

Нэһилиэнньэлээх пуун аата эбэҥки кута (маар) диэн тылтан уонна эбэҥки -на диэн холбоһук аат тылы оҥорор суффикстан төрүттээх[3].

Географията

Нэһилиэк Саха Сирин соҕуруу-арҕаа өттүгэр, Бүлүү өрүс хочотун уҥа кытылыгар, Кутана күөлүн илин кытылыгар, Саһар-Үрэх өрүс уҥа кытылыгар, улуус кииниттэн Сунтаар сэлиэнньэттэн хотугулуу-хотугулуу-арҕаа (NNW) диэки 60-ча килэмиэтир (туора линиянан) тэйиччи сытар. Абсолютнай үрдүк байҕал таһымыттан 129 миэтэрэ[4].

Климат

Климата резко континентальнай. Саамай сылаас ый (от ыйа) салгын орто температурата +17..+18 °C; саамай тымныы (тохсунньу) −34..−50 °C. Сыллааҕы орто сөҥүүтэ 250—300 мм[5].

Кэм курдааһына

Кутана МСК+6 кэм курдааһыныгар баар. Туһаныллыбыт бириэмэ UTC-ҕа сыһыаннаах уларыйыыта +9:00[6].

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһаСунтаар6.PNG

Нэһилиэнньэ

Дьон ахсаана
200220102020[7]
9391002721
250
500
750
1000
1250
1500
2002
2010
2020

Сэлиэнньэҕэ 2020 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн 721 киһи олорор[8].

Эр киһи-дьахтар састааба

2010 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһинэн[ru], нэһилиэнньэ гендернай тутулугар эр дьон 49,4 %, оттон дьахталлар 50,6 % ылаллара.

Национальнай састааба

2002 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһинэн[ru], 13 киһилээх нэһилиэнньэ сахалартан 98 % турара[9].

Инфраструктура

Уулуссалар

Сэлиэнньэ уулуссаларын ситимэ уон икки уулуссаттан уонна икки быстах туора уулуссаттан турар.[10].

Култуура

1964 сыллаахтан сэлиэнньэҕэ култуура дьиэтэ үлэлиир[2].

1984 сыллаахха А. А. Иванов-Күндэ түмэл-дьиэтэ тутуллубута[2].

Сэлиэнньэҕэ А. А. Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто уопсай үөрэҕи биэрэр оскуолата үлэлиир[2].

Быһаарыылар

  1. https://rosstat.gov.ru/vpn/2020/Tom1_Chislennost_i_razmeshchenie_naseleniya
  2. 1 2 3 4 5 6 7 Харитонов
  3. Багдарыын
  4. Kutana (англ.). GeoNames.
  5. Георгафия улуса. Официальный информационный портал Республик Саха (Якутия). Сигэнии күнэ: 7 Сэтинньи 2019. Архивировано 9 Сэтинньи 2019 года.
  6. Федеральный закон от 03.06.2011 № 107-ФЗ «Об исчислении времени», статья 5 (рус.) (3 Бэс ыйын 2011).
  7. https://rosstat.gov.ru/vpn/2020/Tom1_Chislennost_i_razmeshchenie_naseleniya.
  8. Итоги Всероссийской переписи населения 2020 г. Сигэнии күнэ: 17 Бэс ыйын 2025.
  9. Коряков Ю. Б. База данных «Этно-языковой состав населённых пунктов России». Сигэнии күнэ: 7 Сэтинньи 2019. Архивировано 27 Кулун тутар 2020 года.
  10. Регионы России → Саха (Якутия) респ. → Сунтарский у. → Кутана с. Сигэнии күнэ: 7 Сэтинньи 2019. Архивировано 5 Муус устар 2015 года.

Литэрэтиирэ

Сигэлэр