Избекова Евдокия Игнатьевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Избекова Евдокия Игнатьевна — олоҥхону чинчийэр учуонай, суруналыыс, элбэх документальнай киинэлэр ааптардара, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.

Олоҕун олуктара

  • 1960 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр Саха АССР Сунтаар улууһун Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1982 с. — Саха государственнай университет физикаҕа факультетын бүтэрбит.
  • 1982—1983 сс. — Саха государственнай университетын сир хамсааһыны чинчийэр лабораториятын лаборана (Нерюнгри оройуонун Золотинка бөһүөлэгэр).
  • 1983—1987 сс. — ЫБСЛКС Дьокуускайдааҕы обкомун учуокка уонна статистикаҕа салаатын статиһа.
  • 1987—1990 сс. — Өлүөхүмэ оройуонугар «Димитровский» совхозка босхоломмут секретарь.
  • 1990—1992 сс. — Амма улууһун үөрэҕириитин салалтатыгар методкабинет методиһа.
  • 1992—1994 сс. — тылы үөрэтии салаа младшай научнай үлэһитэ.
  • 1994 с. — Саха государственнай университет саха филологиятыгар факультетын бүтэрбит.
  • 1994—1999 сс. — Дьокуускайдааҕы билим Киинигэр аспирант.
  • 1996 с. — НВК «Саха» биэрии ыытааччытынан үлэлээбит.
  • 2000 с. — тыл үөрэҕин билимнэрин кандидатыгар «Числительные Олонхо. Структура и семантика» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 2000 сылтан — гуманитарнай чинчийии Институт олоҥхоҕо салаатын научнай үлэһитэ.

Е. И. Избекова республика культуратын уонна искусствотын үлэһиттэрин туһунан үгүс документальнай киинэлэр ааптардара («Слово о Кулаковском» (2001), «Айыы сыдьаайа» — саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Данилов олоҕун уонна айар үлэтин туһунан (2002), «Далан Дархан» (2003), «Эрэнэбин-итэҕэйэбин» — П. А. Ойуунускай олоҕун бүтэһик сылларын туһунан (2003), «Киhи килбиэннээх аата» — фольклору хомуйааччы И. В. Пухов туһунан (2004)).

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Числительные, употребляемые в олонхо».
  • «Функционирование числительных в эпических традициях народов».
  • «Эпические габариты персонажей олонхо».
  • «Сакральные числа в описании ритуальных предметов (на материалах олонхо)».

Е. И. Избекова туһунан

  • Борис Павлов. Новые имена // Вся республика — 2000 — 15 дек. (на як. яз.).
  • Маркова Т. Пусть всегда преобладает добро! // Якутия. — 2002 — 6 апр.
  • Матвеева Г. Мы должны помнить прошлое // Моя квартира — 2003 — 14 нояб.
  • Иванов А. Продолжение связи на заре // Ил Тумэн — 2003 — 19 нояб.
  • Нельбисова Г. Уран тылга умсугуйан. // Далбар Хотун. — 2003. — № 2. — С. 14—15
  • Харлампьева Н. Личность на экране // 40 лет Якутскому телевидению. — Якутск, 2003. — С. 81—83.

Сигэлэр