Саха күбүөрүнэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха күбүөрүнэтэ (нууч. Якутская губерния) - XX үйэ саҕаланыытыгар кылгас кэмҥэ баар буола сылдьыбыт административнай эдинииссэ. Бу иннинэ баар буола сылдьыбыт Саха уобалаһа син биир күбүөрүнэ бырааптаах этэ.

Сибревком быһаарыытынан Иркутскай күбүөрүнэтин оһуобай оройуона буолбута. Онтон ол сыл балаҕан ыйыгар туспа Саха күбүөрүнэтэ диэн ааттаммыта. 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн РСФСР иһинэн Саха АССР олохтоммута.

Бу дэкириэтинэн Саха Сиригэр урукку Саха уобалаһын сирдэрэ барыта, Енисей күбүөрүнэтин Хатанга-Анаабыр оройуона, Киренскай уезд Өлүөхүмэ-Сунтаар буолаһа, Хотугу Муустаах акыйаан илиҥҥи кэтирээһин 84 уонна 140 кыраадыстарын ыккардыгар сытар бары арыылара уонна Камчаатка уобалаһын Охуоскай уезда киирбиттэрэ.