Винокуров Захар Порфирьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Винокуров Захар Порфирьевич

Винокуров Захар Порфирьевич (12.03.1922[1][2]—17.01.1957) — сахалартан биир бастакы композитор.

Олоҕун олуктара

  • Дьадаҥы сылгыһыт Порфирий Васильевич уонна кини кэргэнэ Кэтириинэ дьиэ кэргэнигэр, Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин Кэҥкэмэ үрэх диэки арҕаа алаастарыттан биирдэстэригэр 1922 сыл кулун тутар 12 күнүгэр төрөөбүт.[3] Элбэх оҕоттон ситэр саастарын биэс эрэ оҕо туолбут: Семен, Иннокентий, Захар, Василий уонна Мария. Ийэлэрэ, кыра кыыһын Марияны төрөтөөт, өлбүт. Төрөөбүт күнэ чуолкайа биллибэт, сабаҕалааһынынан, 1922 сыл кулун тутар 12 күнүнэн бэлиэтэммит.
  • 1930 сыллаахха Захар Кыһыл дэриэбинэ начальнай оскуолатыгар, ону бүтэрээт оройуон киинигэр Нам сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит.
  • Намҥа үөрэнэ сылдьан аан бастаан балалайка, гитара, мандолина, баян, гармонь курдук музыкальнай инструменнар тыастарын истибит-көрбүт. Хойут, ааспыты санаан, бииргэ үөрэнэр оҕотугар баран иһэн, уулуссаҕа аһаҕас түннүктэн кутуллар дьикти кэрэ дорҕооннору истэн, сөхпүтүн-дьиктиргээбитин кэпсээбит. Ол дьикти дорҕооннору истэн, түннүк анныгар барыны барытын умнан өр турбут. Ити күнтэн ыла ырыа истээри күн аайы кэриэтэ ол дьиэ түннүктэрин анныгар турара үһү. Сотору кэминэн оскуолатыгар учуутала Константин Иванович Горохов музыкальнай куруһуок тэрийбитигэр Захар бастакынан суруттарбыт, музыкальнай инструменнарга оонньуурга үөрэммит.
  • 1937 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр.
  • 1941 сыллаахха училищены бүтэрээт, төрөөбүт дойдутугар Хатырык сэттэ кылаастаах оскуолатыгар история уонна география учууталынан ананан үлэлии барар.
  • 1943—1944 сс. — ЫБСЛКС Намнааҕы райкомун секретарын солбуйааччыта.
  • 1944 сыл сааһыгар, Саха АССР искусствотын Салалтата уонна Саха театра эдэр ыччаты үрдүк музыкальнай үөрэхтэргэ киирэллэригэр бэлэмнииллэрин истэн, райкомтан туһайар суруктаах Дьокуускайга тиийэн, театр оркестрыгар суруттарбыт, бэлэмнэнии куурустарыгар дьарыктаммыт.
  • Захар Порфирьевич музыкант буолар дьылҕатыгар улахан кыһамньытын, оччотооҕуга Саха АССР Совминын иһинэн искусство Салалтатын начальнига, Семен Семенович Сюльскай уурбут. Сюльскай туруорсуутунан Москваҕа Саха театрын иһинэн музыкальнай студия, Дьокуускайга уонна Ньурбаҕа народнай куукула театрдара тэриллибиттэр.
  • 1944 с. — Саха Сириттэн туһайар суругунан Москваҕа музыкальнай консерваторияҕа үөрэнэр. Ол эрэн, ыалдьан, үһүс курс кэнниттэн академическай уоппуска ылбыт; кэлин үөрэҕин төһө да баҕарбытын иһин, ыарыытынан үөрэнэрэ бобуллан, бүтэрбэтэх.
  • 1947 с. — Дьокуускайдааҕы музыкальнай драма театрыгар музыка салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу сылларга саха поэттарын хоһоонноругар музыка айарга холонор. Айбыт ырыалара театр сценатыттан, радиоҕа ылланан бараллар. Бу кэннэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа музыка салаатыгар преподавателинэн үлэлиир.
  • 1957 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскайыгар санаторийга сытан ыалдьан, 35 сааһын ситэ туолбакка, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.[1]

Захар Порфирьевич айан хаалларбыт бастыҥ ырыаларын күн бүгүнүгэр диэри саха дьоно сөбүлээн ыллыыр.

Дьиэ кэргэнэ

  • Кэргэнэ — Сивцева Анастасия Иннокентьевна (1914—2002), саха биллиилээх географа.[1]

Оҕолоро (икки кыыс):

  • Зоя (23.10.1946);
  • Таня (1950).[2]

Айар үлэтэ

«Эҕэрдэ ырыата»

1955 сыл сайыныгар Варшаваҕа буолар ыччаттар уонна студеннар Аан дойдутааҕы фестивальларыгар бэлэмнэнии саҕаланар. Саха Сириттэн ырыаһыт Анастасия Лыткина делегатынан талыллыбыт. Бу фестивальга анаан композитор Захар Винокуров, поэт Сэмэн Данилов «Эҕэрдэ ырыатын» суруйбуттар. Ырыа табыллан Саха Сирин биир бастыҥ ырыата буолар, өр сылларга республика радиотын сарсыардааҥҥы биэриилэригэр ылламмыта.[1]
Бу ырыаны sakhaopenworld.org ситим-сиргэ Н. П. Осипов аатынан народнай инструменнар Россия Национальнай академическай оркестрынан доҕуһуоллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһын Мария Николаева толоруутугар истиэххэ сөп.

«

Ол көҥүл дойдуттан
Мин Сахам Сириттэн,
От-бурдук быйаҥнаах
Колхозтаах алаастан,
Туундара тулуурдаах
Сонордьут дьонуттан
Мин манна эһиэхэ
Эҕэрдэ аҕаллым, —
Сахалыы ырыабар
Уруйу-айхалы!

»
Ырыалара

Библиография

  • «Дьол, үөpүү ырыалара». Ырыа хомуурунньуга. (Г. Григорян ред.). — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1955. — 68 с.
  • «Кыталыктар кырдаллара». Ырыанньык / А. Кулаковскай аатынан культура уонна искусство киинэ, Респ. норуот айымньытын киинэ. Нам оройуонун олохтоох администрацията; хомуйда А. Н. Семенов — Дьокуускай: «Ситим» КИФ, 1992. — 31 с.

Аатын үйэтитии

  • 1962 сыллаахха Нам оройуонун музыкальнай оскуолатыгар З. П. Винокуров аата иҥэриллибит.


Кини туһунан

  • «Эҕэрдэ аҕаллым — сахалыы ырыабар…». Хомуурунньук (хомуйан оҥорбут Т. Н. Семёнова) — Дьокуускай:2007.

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 Sakha Diaspora:Захар Порфирьевич Винокуров
  2. 2,0 2,1 Захар Порфирьевич Винокуров
  3. Захар Порфирьевич Винокуров: Ахтыылар
  4. Ырыа кырдала: Балыксыттар
  5. Ырыа кырдала: Бэҕэһээ кулууп дьиэтигэр
  6. Ырыа кырдала: Бүлүү
  7. Ырыа кырдала: Дорообо, Москва
  8. Ырыа кырдала: Костя уол ырыата
  9. Ырыа кырдала: Кыталык
  10. Ырыа кырдала: Кыталыктар кырдаллара
  11. Ырыа кырдала: Кыыс ырыата
  12. Ырыа кырдала: Лена биэрэгэр
  13. Ырыа кырдала: Махтал ырыата
  14. Ырыа кырдала: Оһуордьут ырыа
  15. Ырыа кырдала:Өйдөбүл
  16. Ырыа кырдала: Сааскы ырыа
  17. Ырыа кырдала: Сибэккилээх түннүк
  18. Ырыа кырдала: Сылгыһыт
  19. Ырыа кырдала: Сүрэҕим тэптэҕиэн
  20. Ырыа кырдала: Таарый, таарый хомускун
  21. Ырыа кырдала: Тапталлааҕым хараҕа
  22. Ырыа кырдала: Таптыыр эбээт сүрэҕим
  23. Ырыа кырдала: Фестиваль ырыата
  24. Ырыа кырдала: Чуумпуга
  25. Ырыа кырдала: Эҕэрдэ ырыата
  26. Ырыа кырдала: Эйэ ырыата
  27. Ырыа кырдала: Хоптолор
  28. Ырыа кырдала: Юбилей ырыата

Сигэлэр