Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтэ, эбэтэр Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх Кэмитиэт[1] (нууч. Якутский Центральный исполнительный комитет, ЯЦИК) — Сэбиэттэр сийиэстэрин ыккардыларыгар куруук үлэлиир сокуону ылар, салайар, хонтуруоллуур Саха АССР үрдүкү былаас уоргана, 1922 сылтан 1938 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.

Бастакы састааба 1922 сыллаахха I Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр тэрийэр сийиэстэригэр талыллыбыта.

Тэриллиитэ

1920-1921 сылларга Сэбиэскэй Саха сирэ автономнай буолуутун туһунан боппуоруос көтөҕүллэр. Бу саҕана саха үөрэхтээхтэрэ бу соругу бастакы күөҥҥэ таһаарбыттара. П. Ойуунускай бэрэстээтэллээх хамыыһыйа үөскүөхтээх Саха өрөспүүбүлүкэтин балаһыанньатын суруйбута.

1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэт (ВЦИК) "Саха Автономиялаах Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтин туһунан" («Об Автономной Якутской Социалистической Советской Республике») диэн уураах таһаарбыта. Бу уураахха этиллэринэн Саха АССР судаарыстыбаннай былааһа олохтоох сэбиэттэртэн, кинилэр сийиэстэриттэн, киин ситэриилээх кэмитиэттэн уонна совнаркомтан туруохтааҕа. ВЦИК дэкириэтинэн 1922 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр П.А. Ойуунускай салалталаах бастакы бырабыыталыстыба (совнарком) үлэтин саҕалаабыта. Гражданскай сэрии Саха сиригэр түмүктэнэ илигинэн ЯЦИК оруолун быстах кэмҥэ П. Ойуунускай салалталаах Саха сирин өрөпкүөмэ (нууч. ревком) толорбута[2].

1922 сыл сэтинньитигэр олохтоох Сэбиэттэр мунньахтаан тэрийэр сийиэскэ дэлэгээттэри талбыттара. I Бүтүн Саха сиринээҕи тэрийэр Сэбиэттэр сийиэстэрэ 1922 сыл Саха АССР Сэбиэттэрин III сийиэһигэр 1925 сыл саҕаланыытыгар ылыныллыбыта.

Конституция Саха АССР Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэрэ анаммыта. Сийиэстэр ыккардыларыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүкү былааһынан Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтэ (ЯЦИК) буолбута — Саха АССР үрдүкү сокуону ылар (нууч. законодательный), дьаһайар (нууч. распорядительный) уонна хонтуруоллуур уоргана[3].

Быһаарыылар