Өлүөхүмэ (өрүс)
Өлүөхүмэ өрүс | |
---|---|
Өлүөхүмэ төрдө | |
Ханна түһэрий | Өлүөнэ |
Тардыытын дойдута | Арассыыйа, Саха сирэ |
Уһуна | 1,436 km |
Орто түһэрэр уута | сөкүүндэҕэ 1,950 m³ (Куду Күөл) |
Бассейнын иэнэ | 210,000 km² |
ГВР | [https://verum.wiki/index.php?claster=gvr&q=18030400112117200009486 18030400112117200009486[2] 18030400112117200009486[3]] |
Өлүөхүмэ өрүс - Чита уобалаһыгар Мурой сискэ баар.
Үөһээ сүүрээнигэр хайалар икки ардыларынан киэҥ хочолоох. Амуур уобалаһыгар хоту диэкки Удокаан уонна Становой сис хайаларын быыстарынан устар.
Уута сүрүннээн хаар ууллуутуттан. Уу орто ороскуота сөкүүндэҕэ 1950 м³. Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ. Сорох сиринэн олунньу уонна кулун тутар ыйдарга түгэҕэр диэри тоҥор.
Тардыытыгар 21 тыһ. өрүс уонна үрэх баар, уонна 9,2 тыһ. күөл баар.
Сүрүн салаалара: уҥа Тунгир (502 км.), Ньүүкдьэ (583 км.); хаҥас Чаара (851 км.)
Аал сырыыта Өнүүкэ диэн сиргэ дылы (төрдүттэн 406 км.)
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.
- ↑ Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 2. Средняя Лена / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1965. — 164 с.