Дьааҥы (өрүс)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьааҥы өрүс
Дьааҥы өрүс Кулар сиһи быһа охсор сирэ
Дьааҥы өрүс Кулар сиһи быһа охсор сирэ
Ханна түһэрий Лаптевтар байҕаллара, Дьааҥы хомото
Тардыытын дойдута Арассыыйа, Саха сирэ
Уһуна 1,490 km (Сартаҥ өрүһү кытары)
Орто түһэрэр уута сөкүүндэҕэ 405 m³ (Баатаҕай)
Бассейнын иэнэ 238,000 km²
ГВР [https://verum.wiki/index.php?claster=gvr&q=18040100112117700006264 18040100112117700006264[2] 18040100112117700006264[3]]

Дьааҥы өрүс. Саха сирин хоту диэкки баар өрүс. Уһуна 872 км. Дулҕалаах уонна Сартаҥ өрүстэр холбоһууларыттан ааҕыллар.

Сартаҥы эптэххэ 1490 км. буолар. Тардыытын иэнэ 238000 км². Ити өрүстэр бастара Верхоянскай сискэ бааллар.

Адыаччы өрүс төрдүттэн хочото кэҥиир. Аллараа сүүрээнигэр Кулар сиһи быһа охсор, элбэх таас харгыланар.

Ол кэнниттэн Дьааҥы - Индигиир намталынан устар. Дьааҥы хомоҕо түһүөн иннинэ киэҥ дельталаах (иэнэ 10200 км²).

Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри тоҥ. Аал сырыыта Верхоянскай куоракка дылы.


Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.

  1. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 7. Яна, Индигирка / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 328 с.
  2. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 7. Яна, Индигирка / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 328 с.
  3. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 7. Яна, Индигирка / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 328 с.