Данилов
Данилов — нуучча араспаанньата, топоним. Даниил ааттан тахсар.
Араспаанньалаахтар
А
- Данилов Александр Васильевич — Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх гиирэ спордугар СӨ маастара, СӨ рекордсмена.
В
- Данилов Василий Дмитриевич — Сулҕаччы нэһилиэгин Ытык киһитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ.
- Данилов Василий Николаевич — көҥүл тустууга ССРС спордун маастара (1974 с.), ССРС студеннарын 5 төгүллээх чемпиона, ССРС норуоттарын спартакиадатын 1979 с. хамаандатын боруонса мэтээлин призера, Россия 1974 с. чемпионатын үрүҥ көмүс призера.
И
- Данилов Иван Еримеевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- Данилов Иван Кононович — сэһэнньит, очеркист, публицист, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1965).
- Данилов Иван Николаевич — Саха АССР үтүөлээх учуутала, Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо.
- Данилов Иннокентий Федорович — Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
С
- Данилов Семен Петрович — саха норуодунай бэйиэтэ, Саха АССР суруйааччыларын сойууһун бэрэстээтэлэ (1961—1978), прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэни ырытааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Данилов Семен Романович — поэт, 1998 с. Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, 1960 с. Россия журналистарын Сойууһун чилиэнэ. 1953 сылтан саҕалаан хоһоон суруйар.
- Данилов Софрон Петрович — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1949).
- Данилов Софрон Матвеевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо.
Ф
- Данилов Федор Данилович — хапсаҕайдаһан тустууга СӨ спордун маастара, Азия, Европа чемпиона, призера.
Э
- Данилов Эдуард Федорович — үлэ, тыыл, государственнай сулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕастарын Сэбиэтин Президиумун чилиэнэ.
Топоним
- Данилов — Ярослав уобалаһын куората.
- Данилов — Хотугу тимир суол станцията
Список значений слова или словосочетания со ссылками на соответствующие статьи. Если вы попали сюда из текста другой статьи Рувики, пожалуйста, вернитесь и уточните ссылку так, чтобы она указывала на нужную статью. |