Данилов Эдуард Федорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Данилов Эдуард Федорович — үлэ, тыыл, государственнай сулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кыр­дьаҕастарын Сэбиэтин Президиумун чилиэнэ.

1933 сыллаахха Ньурба оройуонун Бордоҥ нэ­һи­лиэгэр, «Тойон уйалаах» диэн алааска холкуостаахтар кэргэннэригэр төрөөбүтэ.

1948 сыллаахха Маалыкай сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Ньурба бастакы нүө­мэрдээх оскуолатын 1951 сыллаахха бүтэрбитэ уонна Дьокуускай куоракка пе­да­гогическай институт историко-филологическай факультетын саҥа тэриллибит са­ха оскуолаларыгар нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр учууталлары бэ­лэм­ниир (РОЯШ) салаатыгар киирэн үөрэнэн нуучча тылын уонна литературатын үө­рэтэр преподаватель идэтин баһылаабыта. 1955 сылтан түөрт сыл саҥа орто ос­куо­ла буолбут Маалыкай оскуолатыгар завуһунан (оскуола директорын үөрэх чаа­һы­гар солбуйааччынан) үлэлээбитин кэннэ, партия райкомун бюротун реко­мен­да­ци­я­тынан Степан Васильев аатынан колхоз парткомун босхоломмут секретарынан тал­ларан үлэлэппиттэрэ. Сотору буолаат партия райкомун партийнай-тэрийэр от­де­лын инструкторынан анаабыттара, нтон партия Ньурбатааҕы райкомун иккис сек­ре­та­рынан талбыттара.

Онно уһуннук үлэлээбэтэҕэ. 1963 сыллаахха Ньурба уонна Сун­таар оройуоннара холбоһон, бөдөҥсүйэн Ленинскэй оройуон диэн буолбуттара. Бу бөдөҥсүйбүт оройуоҥҥа Э. Ф. Данилов райсовет исполкомун председателин сол­буй­ааччынан талыллан үлэлээбитэ. Өр-өтөр буолбатаҕа, аны оройоун хайдан урук­ку чөллөрүгэр түһүүлэригэр Данилов Э. Ф. Ньурба өртүгэр райсовет исполкомун си­рэй председателинэн быыбардаммыта. 1970 с. Москва куоракка үрдүкү пар­тийнай оскуоланы бүтэрэн кэлээтин кытта ССКП обкомун бюрота ре­ко­мен­да­ци­я­лаан партия Горнайдааҕы райкомун бастакы секретарынан талларбыта, ити эп­пиэт­тээх дуоһунаска сэттэ сыл үлэлээн баран, партия уобаластааҕы комитетын ап­па­раатыгар сектор сэбиэдиссэйинэн партия эстиэр диэри үлэлээбитэ. Онтон сэттэ сыл «Холбос» респотребсоюз кадрын отделын начальнигынан, уопсай отделын сэ­биэ­диссэйинэн үлэлэтэлээбитэ.

Кэнники сылларга Саха Республикатын Президе­нин уонна Правительствотын Администрациятыгар ведущай специалист-эппиэт­тиир дежурнай дуоһунастарыгар үлэлээтэ, күн бүгүҥҥэ дылы Республика Ытык кыр­дьа­ҕастарын Үрдүкү Сүбэтин эппиэттээх секретарын дуоһунаһыгар үлэлии сылдьар.


Кини Саха АССР VII ыҥырыылаах Үрдүкү Советын депутатынан, партия Саха уобаластааҕы комитетын чилиэнинэн хаста да талыллан үлэлээбитэ. Рос­сий­скай Федерация журналистарын Союһун чилиэнин быһыытынан саха бастакы рево­лю­ционердарын, биллиилээх партийнай деятеллэрин тустарынан элбэх ыс­та­тый­алары суруйда, уонтан тахса кинигэлэри суруйан «Бичик» кинигэ кыһатынан та­һаар­тарда. Э. Ф. Данилов өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэтэ Советскай пра­ви­тель­ство­нан, РФКП-ан хас да медалларынан, орденнарынан бэлиэтэннэ. Кини Горнай уон­на Ньурба улуустарын, төрөөбүт Бордоҥун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.