Васильев Степан Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Васильев Степан Васильевич

Васильев Степан Васильевич (28.12.1896—25.10.1943) — политика, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.

Олоҕун олуктара

  • 1896 сыл ахсынньы 28 күнүгэр Ньурба улууһун I Бордоҥ нэһилиэгэр Тойон Уйалаах диэн сиргэ тимир ууһа Дьаҕаһын Баһылайын дьиэтигэр төрөөбүтэ[1].
  • 1909—1913 сс. Маалыкай Мэгэдьэк церковнай-приходской оскуолатын уонна Куочайга Ньурба икки кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
  • 1915 сыллаахха Дьокуускайга учуутал семинариятыгар киирбитэ, 1918 с. бүтэрбитэ.
  • Өрөбүлүүссүйэ кэнниттэн Кыһылларга тиксибитэ. Кини көмөтүнэн Рыдзинскай этэрээтэ 1918 сыл от ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайы ылар.
  • Үрүҥнэр кэлбиттэригэр хаайыыга укпуттара, ол кэнниттэн Саха Сирин таһыгар Иркутскайга ыытыллыбыта.
  • 1918 сыл ахсынньытыттан 1919 сыл ахсынньытыгар диэри кини Иркутскай хаайыытыгар сытар. Хаайыыттан босхолонон баран Прибайкальеҕа Колчак армиятын иһигэр нелегал быһыытынан үлэлиир. Семенов этэрээтин штабын билиэҥҥэ ыларга кыттар.
  • 1920 сыл кулун турарыгар РКСМ Иркутскай Губбюро чилиэнэ. Саха Сиригэр төннөн баран РКП(б) Якутскай Губбюро сорудаҕынан комсомол тэрилтэтин тэрийэр.
  • 1920 сыл бэс ыйыттан 1921 сыл бэс ыйыгар диэри РКСМ Якутскай губбюротун бэрэссэдээтэлэ.
  • 1921 сыллаахха олунньуттан атырдьах ыйыгар диэри РКП(б) обкомун пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйэ.
  • 1921 сыл балаҕан ыйыттан 1925 сыл атырдьах ыйыгар диэри Москва куоракка Свердлов аатынан Хомуньуус университетыгар үөрэнэр. Үөрэҕин бүтэрэн баран ВКП(б) КК кинини Саха Сиригэр салайар үлэҕэ ыытар. Манна Обком хонтуруоллуур хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ.
  • Якутзолото» трест тэрээһинин боппуруоһугар барар.
  • 1927 сыллаахха Москваттан төннөр уонна Саха АССР Совнаркомын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу буолар.
  • 1928 сылтан 1930 сылга диэри Серго Орджоникидзе мэктиэлээһининэн ВКП(б) КК Киин Хонтуруоллуур хамыыһыйа чилиэнинэн талыллан үлэлиир. Кэлин КХХ партийнай коллегиятын чилиэнинэн үлэлиир.
  • 1930 сыл от ыйыттан ССРС инспекциятын өҥнөөх металл группатын салайар.
  • 1931 сыл муус устар 12 күнүгэр Өҥнөөх металл оробуочайдарын идэлээх Сойуустарын Киин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.
  • 1935 сылтан 1939 сыл муус устарыгар диэри ВКП(б) Ыарахан промышленность группатыгар үлэлиир.
  • 1939 сылга ыам ыйыттан сэтинньигэ диэри Москуба Иккис авторемонтнай завод дириэктэрэ.
  • 1939 сыл сэтинньи 6 күнүгэр НКВД агеннарынан тутуллан Лефортово хаайыытыгар быраҕыллыбыта.
  • 1941 сыл от ыйын 18 күнүгэр буолбут суукка уон сылга хаайыыга уонна болдьоҕо бүппүтүн кэннэ 5 сылга көскө ууруллар.
  • Коми АССР Кожва оройуонугар Канин Нос диэн лааҕырга 46 сааһыгар өлбүтэ.
  • 1956 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр ССРС Үрдүкү суутун Байыаннай коллегията аналлаах уурааҕынан буруйа суоҕа бүтүннүү дакаастанан реабилитацияламмыта.

Кини туһунан

  • Степан Васильевич Васильев (1896—1943). Документы, фотографии. — Якутск: «Бичик», 2006. — 96 с.
  • Семенов И. Н. «Партия эрэллээх уола». — Дьокуускай, 1969.

Васильев Степан Васильевич — саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, Саха сиригэр, Иркутскайга Советскай былааһы олохтооһуҥҥа, бөҕөргөтүүгэ элбэх сыратын биэрбит, государственнай, общественно-политическай, профсоюзнай диэйэтэл.

1896 сыл ахсынньы 17 күнүгэр Ньурба улууһун I Бордоҥ нэһилиэгэр «Тойон Уйалаах» диэн алааска сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини Мэгэдьэктээҕи церковнай-приходской оскуоланы бүтэрэн, Ньурба Куочайыгар икки кылаастаах училищены 1915 сыллаахха бүтэрбитэ уонна ити сыл күһүнүгэр Дьокуускайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэххэ киирбитэ.

Степан Васильев куоракка кэлиэҕиттэн билиигэ-көрүүгэ дьулуһуута күүрэн, политическай өйө-санаата улам уһуктан испитэ. Ити кэмҥэ политссыльнай Емельян Ярославскай тэрийбит «Эдэр социал-демократ» диэн куруһуогар доҕотторун Максим Аммосовы, Степан Аржаковы, Исидор Иванову, Платон Слепцовы, Михаил Ксенофонтовы о.д.а. кытта бастакы революционнай буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта. 1917 сыл кулун тутар 4 (17) күнүгэр Степан Васильев, М.Аммосов, С.Аржаков, Д.Жиркова, Н.Бубякин буоланнар Е. М. Ярославскай, Г. И. Петровскай, Н. И. Кирсанова, М. М. Виленская, В. И. Шамшин о.д.а. баалларына РСДРП Дьокуускай куораттааҕы тэрилтэтин чилиэнинэн буолбуттара.

Ити бириэмэҕэ Саха сиригэр быһыы-майгы улам уустугуран испитэ. 1917 сыл ыам ыйын 23 (бэс ыйын 5) күнүгэр ссыльнай большевиктар Дьокуускайтан борохуотунан барбыттарынан былаас иһин охсуһуу өссө сытыырхайбыта.

Советскай былааһы утарар Уобаластааҕы Совет 1918 сыл кулун тутар 21 күнүгэр талыллыбыт Дьокуускай куораттааҕы Совет советскай былааһы көмүскэһэр, өйүүр депутаттарын тутан ылан хаайталаабыта.

Ити бириэмэҕэ Иркутскайга Центросибирь дьаһалынан Дьокуускайга үөскээбит балаһыанньаны учуоттаан Советскай былааһы утарар Уобаластааҕы Советы суулларар, советскай былааһы олохтуур соруктаах польскай революционер Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт тэриллибитэ. Этэрээт Иркутскайтан 1918 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр аттаммыта уонна бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускайтан чугас Табаҕаҕа тийэн кэлбитэ. Киниэхэ Советскай былааһы олохтуур кистэлэҥ тэрилтэ көмөтө наада буолбута. Сэбилэниилээх бастаанньа былаанын, Дьокуускай куорат картатын, кимэн киирии дьүөрэлэһиитин туһунан олус наадалаах информацияны А. С. Рыдзинскайга тиэрдии уһулуччу суолталаах сорудах Степан Васильевка сүктэриллибитэ. Кини ити бойобуой сорудаҕы чиэстээхтик толорбута. Ол түмүгэр А.Рыдзинскай этэрээтэ 1918 сыл бэс ыйын 30 күнүн түүнүгэр Дьокуускайга кистэлэҥинэн тэриллибит боевой дружиналары кытта бииргэ эмискэ кимэн киирэн от ыйын 1 күнүгэр улахан хаан тохтуута суох Саха сиригэр аан бастаан Советскай былааһы олохтообута уонна ити бириэмэҕэ Дьокуускай түрмэтигэр хаайылла сыппыт Уобаластааҕы Сэбиэт сорох депутаттара, ол иһигэр М. К. Аммосов босхолонон Советскай былаас бастакы дьаһалларын олохтоһон барбыттара. Дьыала итинник ситиһиилээхтик сайдан барыытыгар уонна бойобуой доҕотторо, ол иһигэр Максим Аммосов, этэҥҥэ түрмэттэн босхолонууларыгар Степан Васильев сүүнэ оруолламмыта. Кини саҥа тэриллибит Дьокуускай куорат рабочай-крестьянскай Советын Президиумун секретарынан талыллан, доҕотторо М. К. Аммосовы, И. Н. Ивановы (Бараховы), П. А. Слепцовы (Ойуунускайы) о.д.а. кытта Саха сиригэр Советскай былаас бастакы дьаһалларын күүскэ олохтоон барбыттара.

Биллэрин курдук, Саха сиригэр Советскай былаас бэрт кылгас бириэмэҕэ тулуктаһан турбута. Сибииргэ үрүҥ былааһа олохсуйбута. 1918 сыл от ыйын 11 күнүгэр Иркутскай чехословактар илиилэригэр киирбитэ, ити кэнниттэн белогвардеецтар Усть-Куту, Киренскэйи ылбыттара.

Саха сиригэр революционнай хамсааһын кыттыылаахтара бары кэриэтэ, ол иһигэр Степан Васильев тутуллубуттара уонна дойдуларыттан Иркутскайга көскө ыытыллыбыттара. Степан Васильев, Исидор Иванов (Барахов), Д.Браташ үрүҥнэр контрразведкаларын кэтээн көрүүтүгэр киирбиттэрэ, онтон чаҕыйбакка кинилэр олохтоох кистэлэҥ большевистскай партийнай тэрилтэни кытта сибээһи олохтоон революционнай үлэҕэ активнайдык кыттан барбыттара. Сотору буолаат Степан Васильев 1918 сыл ахсынньыга хаайыллыбыта уонна Иркутскай түрмэтигэр биир төгүрүк сыл эрэйи-муҥу көрбүтэ. 1919 сыл ахсынньы ый саҥатыгар түрмэттэн тахсаат Иркутскайдааҕы кистэлэҥ партийнай тэрилтэнэн Слюдянкаҕа (Прибайкальеҕа) ыытыллыбыта. Онно Вуйловы, Патлыгы, Кузьяны, Ржановы о.д.а кытта улаханнык турунан үлэлээннэр, балачча күүстээх партийнай тэрилтэни үөскэппиттэрэ, Слюдянка станцияҕа Семенов генерал этэрээтин бэриннэрэн, сааларын-саадахтарын былдьаабыттара.

1920 сыл тохсунньу бүтүүтүгэр С.Васильев Иркутскайга кэлбитэ уонна Наум Ленцнердиин, Сергей Мошинныын бастакы комсомол тэрилтэтин тэрийбиттэрэ. Степан Васильев Иркутскайга комсомол көбүөрүнэтээҕи бюротун чилиэнинэн талыллан, тыа сирин ыччатын кытта үлэни сүрүннээбитэ.

Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуурга Сибревком боломуочунайынан анаммыт М. К. Аммосов Саха сириттэн көскө ыытыллыбыт дьону түмэн, 1920 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр С.Васильевы, Ис. Иванову (Бараховы) о.д.а. кытта Дьокуускайга кэлбитэ. Дойдутугар төннөн кэлээт, С.Васильев РК(б)П Дьокуускайдааҕы райбюротун сорудаҕынан ыччат коммунистическай тэрилтэтин тэрийиигэ дьаныардаах үлэни саҕалаабыта. 1920 сыл от ыйын 4 күнүгэр куорат ыччатын бастакы уопсай мунньаҕын тэрийэн ыыппыта. Ыччат союһун тэрийэр бюроҕа С. В. Васильев партийнай тэрилтэ бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн талыллан үлэлээбитэ.

1921 сыл олунньу ыйга С. В. Васильев РК(б)П Саха сиринээҕи губернскай бюротун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн ананар, губбюро, губревком чилиэнинэн талыллар, кылгас кэмҥэ П. А. Ойунскай Москваттан кэлэн ананыар диэри губревком председателинэн үлэлиир.

Партия онус съеһин кэнниттэн 1921 сыл муус устар 7-17 күннэригэр Чурапчыга 10 улуустар уонна волостар дьадаҥыларын бэрэстэбиитэллэрин конференцияларын Губревком чилиэнэ Степан Васильев салайан ыыппыта. Конференцияҕа барыта 254 делегат улуустартан, волостартан (нэһилиэктэртэн) мустубуттара. Кинилэр конференция аатыттан норуот Комиссардарын Председателигэр В. И. Лениҥҥэ эҕэрдэ телеграмма ыытарга этии киллэрбиттэрэ, ону толорон телеграмма проегын С.Васильев суруйан мунньахха ааҕан биэрэн бигэргэттэрбитэ, телеграмма муус устар 8 күнүгэр ыытыллыбыта, онуоха муус устар 10 күнүгэр оччотооҕуга Кремльгэ үлэлиир ВЦИК чилиэнэ М. К. Аммосов В. И. Ленин аатыттан маннык ис хоһоонноох телеграммата кэлбитэ:

«Дьокуускай нөҥүө Чурапчыга. Партията суохтар конференцияларын Президиумугар. Табаарыс Ленин бэйэтин аатыттан Эһиги конференцияҕытыгар эҕэрдэ ыытарга миигин сорудахтаата. Кини бэйэтин эрэлин биллэрэр: ыраахтааҕы батталыттан төлөрүйбүт, тойоттор хабалаларыттан босхолонон эрэр саха үлэһит маассата уһуктуохтара уонна нуучча рабочайдарын уонна бааһынайдарын көмөтүнэн үлэлээн иитиллээччилэр былаастарын толору бөҕөргөтүү суолугар киллэриэхтэрэ».

Степан Васильевич Васильев Владимир Ильич Ленин туруорбут соруктарын толорууга, саҥа олох айыллыытыгар, олох формата уларыйар былдьаһыктаах кэмигэр, табаарыстара: Максим Аммосов, Исидор Иванов (Барахов), Платон Слепцов (Ойуунскай), Степан Аржаков, Михаил Ксенофонтов (Мегежекскэй) курдук, эттиин-хаанныын бэринэн туран үлэлэспитэ.

1921 сыл сайыныгар кинини Москваҕа Я. М. Свердлов аатынан Коммунистическай университетка үөрэххэ ыыппыттара, түөрт сыл кэриҥэ ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1925 сыл күһүнүгэр дойдутугар төннөн кэлэн, бастаан Рабочай-бааһынай инспекциятын наркомунан ананар, онтон БСК(б)П обкомун хонтуруоллуур комиссиятын председателинэн талыллан үлэлиир.

М. К. Аммосов этии киллэриитинэн, партия обкомун бюротун уурааҕынан 1926 сыл муус устарга Степан Васильев союзнай суолталаах «Якутзолото» треһи тэрийиигэ Саха сириттэн бэрэстэбиитэл буолан сыл аҥаара сыралаахтык туруулаһан үлэлээн, республика интэриэһин сөпкө көмүскээн, салгыы Москва куоракка командировкаланан боппуруос сөптөөхтүк быһаарылларын ситиһэн, Дьокуускайга 1927 сыл балаҕан ый бүтүүтүгэр эргиллибитэ. Кини кэлбит борохуотунан ити бириэмэҕэ Саха АССР Совнаркомун председателинэн үлэлии олорбут М. К. Аммосов уһун болдьоххо эмтэнэ Москвалаабыта. Оттон С. В. Васильевы БСК(б)П-ын обкомун бюрота Саха АССР Совнаркомун председателин эбээһинэһин толорооччунан анаабыта. Кини бу дуоһунаска 1927 сыл балаҕан ыйыттан 1928 сыл кулун тутарга дылы үлэлээбитэ.

1928 сыл бэй ыйыгар С. В. Васильев БСК(б)П-ын Оргбюротун уурааҕынан Москваҕа ыҥырыллыбыта. Онно олус эппиэттээх үлэлэргэ үлэлээбитэ: БСК(б)П-ын Киин хонтуруолунай комиссиятын чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ, 07.1930-04.1931 с.с. ССРС Рабочай-крестьянскай Наркоматыгар өҥнөөх промышленность группатын салайааччытынан, 04.1931-02.1934 с.с. өҥнөөх металлары уонна кыһыл көмүһү хостуур уонна таҥастыыр рабочайдарын саҥа тэриллибит профсоюзтарын Киин комитетын председателинэн талыллан үлэлээбитэ. Онтон партийнай үлэҕэ көһөрүллэн, партия Киин комитетын иһинэн Партийнай хонтуруол комиссиятыгар ыарахан промышленность группатын салайааччытынан (02.1934-05.1939 с.с.) ананан үлэлээбитэ. 05.1939-11.1939 с. Москва куоракка 2-с нүөмэрдээх массыынаны ремоннуур собуот директорынан үлэлии олордоҕуна, онно суох буруйдааһыҥҥа түбэһиннэрэн, хаайбыттара.

С. В. Васильев ССРС иккис ыҥырыылаах Киин ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талылла сылдьыбыта, БСК(б)П-ын XV, XVI, XVII съезтэригэр субуруччу партия Киин хонтуруолунай комиссиятын чилиэнинэн талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. 1932 сыллаахха ПБСКС (ВЦСПС)-ын пленумун уонна Президиумун чилиэнинэн талыллыбыта. Хомойуох иһин, репрессия сылларыгар партия, Советскай былаас дьыалаларыгар толору бэриниилээх, ленинец С. В. Васильев Коми Республикатыгар Канин Нос диэн бөһүөлэккэ лааҕырга сору-муҥу көрсө сылдьан, 1943 сыл алтынньы 26 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.

Кэнники кинини буруйдаабыт Байыаннай коллегия 1941 сыл от ыйын 18 күнүнээҕи уурааҕа, С. В. Васильев туох да буруйа суоҕа дакаастанан, ССРС Үрдүкү суутун Байыаннай коллегиятын 1956 сыл атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи уурааҕынан көтүрүллэн реабилитацияламмыта.

Булгуруйбат модун санаалааҕа

(Степан Васильевич Васильев төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар)

Саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ.
Биллиилээх государственнай, политическай деятель
Степан Васильевич Васильев 1996 сыл ахсынньы 17 күнүгэр Саха Республикатын уһулуччулаах госу­дар­ствен­най уонна политическай деятеллэриттэн биирдэстэрэ Ньурба улууһун киһитэ С. В. Ва­сильев төрөөбүтэ 100 сыла туолар. «1939 сылга репрессияламмыт С. В. Ва­силь­ев 100 сыла туолуутун туһунан» Саха Республикатын Президенэ М. Е. Ни­ко­ла­ев 1996 сыл кулун тутар 26 күнүнээҕи дьаһалынан юбилейы ыытыыга пра­ви­тель­ственнай комиссия тэриллибитэ.

Васильев Степан Васильевич Бүлүү уокуругун Марха улууһун Бордон нэһи­лиэ­гэр Тойон Уйаҕа сүөһү тутан айаҕын ииттинэр Васильев Василий Васильевич (Дьаҕаһыынап) дьадаҥы дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Маалыкай сэлиэнньэтигэр Мэгэдьэк начаалынай церковнай-приходской ос­куо­ла­тын уонна Ньүрбатааҕы икки кылаастаах училищены бүтэрэн баран, Степан Ва­силь­ев 1914 сылга Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар киирбитэ. Кинини кыт­та бииргэ семинарияҕа Максим Аммосов, Исидор Барахов, Плагон Слепцов (Ой­уу­нускай), Степан Аржаков уонна оччотооҕу ыччататын даҕаны бастыҥ бэрэс­тэ­биитэллэрэ үөрэммитгэрэ. Кинилэр политсыылынайдар баһылаан-көһүлээн ыытар революционнай хамсааһыннарыгар тардыллан барбыттара.

Аммосов, Барахов, Васильев, Ойуунускай, Аржаков уо.д.а. Саха сиригэр со­вет­скай былааһы олохтооһуну тэрийээччилэринэн этилэр. Кинилэр үлэлиир ыч­чат­тан, рабочайдартан уонна сулууспалаан бүппүт фронтовиктарган кистэлэн бойу­буой дружиналары тэрийиигэ активнайдык кыттыбыттара. С. Ва­сильев пропаган­дис­таабыта, кистэлэн-бойобуой дружина чилиэнинэн буолбута. 1918 сыл бэс ыйын 19 күнэ буолар түүнүгэр (урукку стилинэн) Дьокуускайга аан бастаан улахан хаан тох­тууга суох советскай былаас олохтоммута. Ол эрээри, саҥа былаас баара суоҕа 35 күн туруктаспыта. Ону Сибиир советскай былааһы утарааччылара уонна ис контр­революция суулларбыттара. Степан Васильев, Максим Аммосовы, Исидор Ба­ра­ховы, Платон Слепцову уонна советскай былааһы олохтооһун атын даҕаны кыт­тыы­лаах­тарын кытта тутуллан, Саха уобалаһын тас өттүгэр сыылкаҕа ыытыл­лы­быт­тара.

С.Васильев Иркутскай хаайыытыгар угуллубута. Хаайыыттан босхоломмутун кэнниттэн кинини Иркутскайдааҕы подпольнай тэрилтэ Слюдянкаҕа (Прибайкалье) кистэлэн үлэҕэ ыыппыта, онно Семенов штабын этэрээттэриттэн биирдэстэрин саатын-саадаҕын тутан ылыыга кыттыыны ылбыта. 1920 сыл тохсунньу бүтүүгүгэр Ир­кутскайга эргиллэн кэлбитэ уонна Наум Ленцери, Сергей Мосины кытта бастакы Ир­кутскайдааҕы комсомолу тэрийбиттэрэ, Ыччат Россиятааҕы коммунистическай союһун Иркутскай күбүөрүнэтээҕи тэрилтэтин бюротун чилиэнинэн талыллыбыта.

Саха сиригэр советскай былааһы тэрийиигэ Сибревком боломуочунайа М. К. Ам­мосовы уонна Саха сирин атын даҕаны дьонун кытта С. Васильев 1920 с. бэс ыйын 3 күнүгэр төрөөбүт Саха сиригэр эргиллибитэ. Дойдутугар кэлээт, РК(б)П Дьокуускайдааҕы райбюротун сорудаҕынан С. Васильев олохтоох ком­со­моль­скай тэрилтэни тэрийиигэ сыралаахтык үлэлэспитэ уонна 1920 с. от ыйын 4 кү­нү­гэр Дьокуускай куорат ыччатын бастакы уопсай куораттааҕы мунньаҕын ыып­пы­та. 1920—1921 сс. кини ЫРКС Саха күбүөрүнэтээҕи тэрилтэтин бюротун пред­се­да­телинэн үлэлээбитэ. Кини итини тэҥэ РК(б)П губбюротун уонна губревком чи­лиэн­нэринэн этэ. 1921 с. олунньуга — атырдьах ыйыгар РК(б)П обкомун аги­та­ци­я­ҕа уон­на пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ити кэмнэ РК(б)П кү­бүө­рүнэтээҕи бюротун сорудаҕынан Васильев Саха уокуругун дьадаҥыларын уон­на ба­тараактарын партията суох конференцияларын бастакы тэрийээччинэн уон­на са­лай­ааччынан буолбута.

1921—1925 сс. балаҕан ыйын 30 күнүгэр С. Васильев Москваҕа Свердлов ааты­нан Коммунистическай университекка үөрэммигэ. Москваҕа үөрэҕин бүтэр­би­тин кэн­ниттэн, БСК(б)П КК С. В. Васильевы Саха Сиригэр республика рабочай-баа­һы­най инспекциятын Наркомунан салайар үлэҕэ ыыппыта, кэлин кинини БСК(б)П уоба­ластааҕы хонтуруоллуур комиссиятын председателинэн анаабыттара. 1926 сыл муус устарга М. К. Аммосов этии киллэриитинэн БСК(б)П обкомун бюро­та кинини «Ал­данзолото» Бүтүн Союзтааҕы треһи тэрийиигэ көмөнү оҥорууга Ал­дан куо­рак­ка уһун кэмҥэ болдьохтоон ыытар. С. Васильев командировкаттан алта ыйы­нан эр­гил­либитэ. Эмиэ ити боппуруоска кинини Москваҕа ыыталлар, онтон биир сыл буо­лан баран, 1927 сыл балаҕан ыйыгар кэлбитэ.

Кинини Саха АССР Совнаркомун председателин эбээһинэһин быстах кэмҥэ то­лорооччунан аныыллар. Бу дуоһунаска 1928 с. кулун тутарга диэри үлэлээбитэ. 1928 с. олунньуга — кулун тутарга Дьокуускайга БСК(б)П Саха уобаластааҕы ко­ми­те­тын бюротун үлэтин бэрэбиэркэлээһиҥҥэ Полуян, Асаткин, Пузицкай сас­таап­таах комиссия үлэлээбитэ. Комиссия үлэтин түмүктэрэ 1928 с. кулун тутар 16 кү­нү­гэр обком пленумугар дьүүллэһиллибиттэрэ. С. В. Васильев Дьокуускайга ко­мис­сия сылдьар бириэмэтигэр, БСК(б)П Саха уобаластааҕы комитетын по­ли­ти­чес­кай ли­ниятын сыаналааһын туһунан кэпсэтии барар кэмигэр, обком линиятын уҥа оп­пор­тунистический курдук көрдөрбүт Полуян комиссиятын резолюциятын ба­ры­лын ута­ры куоластаабыта, Васильев обком линията БСК(б)П XII съеһин уонна БСК(б)П КК иһинэнIV национальнай сүбэ мунньах быһаарыыларыгар сөп тү­бэ­һэ­рин дакаас­тыы сатаабыта, ону ааһан 1928 сыл бэс ыйыгар комиссия дакылаатын сүн­ньүнэн альтернатавнай хос дакылааты БСК(б)П КК оргбюротун мунньаҕар оҥор­бута. С. В. Васильев бэйэтин эдэр республика уһулуччулаах салайааччыларыттан биирдэстэрин, Сталин государственнай переворотун утары охсуспут, бигэ итэҕэл­лээх уонна бэриниилээх государственнай, итиэннэ политическай деятель быһыыты­нан көрдөрбүтэ. Ол иһин Я.Полуян комиссията маассаҕа сабыдыаллааһыннарыттан сэ­рэхэдийэн М. Аммосовы, Ис. Бараховы, С. Васильевы Москваҕа «теттөрү ыныр­та­ран ылар» наадалаах диэн аахпыта.

Москваҕа төттөрү ыҥырыллан кэлэн баран, БСК(б)П КХК чилиэнинэн буола сыл­дьан, кини БСК(б)П Саха уобатастааҕы комитетын линиятын дьаныардаахтык уон­на принципиальнайдык салгыы көмүскээбитэ. ССРС ИДЬНК Лефортовскай хаай­ыытын олус кытаанах усулуобуйатыгар эрэйи-муҥу көрө сытан, 1939 сыл ах­сын­ньы 21 күнүнээҕи бэйэтин көрдөрүүтүгэр С. Васильев суруйбута: «Мин Ярос­лав­скайга сылдьыбытым. Киниэхэ БСК(б)П КК Политбюротун комиссиятын үлэтин туһу­нан сиһилии иһитиннэрбитим, кырдьаҕас кадрдары үтүрүйүү сыыһа, пар­тий­найа суох ньыматын талан ылбыт БСК(б)П КК чилиэнэ Асаткины үҥсүбүтүм. Урук­ку салалтаны уҥа оппортунизмҥа буруйдуур БСК(б)П Саха уобаластааҕы ко­ми­тетын пленумун быһаарыыта ылыныллар кыаҕа суоҕун дакаастаабытым». Ярос­лав­скай ол кэмҥэ Дьокуускайга Аммосовы, Бараховы уонна Васильевы үлэлэригэр хаалларарга көрдөһөн, БСК(б)П КК оргкомитетын чилиэннэригэр сурук суруйбута. 1940 сыл олунньу 2 күнүнээҕи силиэстийэ дьыалатыгар бэйэтин көрдөрүүтүгэр С.Васильев эппитэ: «Биһиги БСК(б)П КК-тын сэрэтиэх тустаах этибит…».

Саха сиригэр салайар партийнай уонна советскай үлэттэн босхолообуттарын кэн­ниттэн, С. В. Васильев Серго Орджоникидзе өйөөһүнүнэн 1928 с. балаҕан ыйы­гар — 1930 с. от ыйыгар БСК(б)П Киин хонтуруоллуур комиссиятын партийнай кол­ле­ги­я­тын чилиэнинэн үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунаска сылдьан, кини «саха боп­пу­руо­һун» хаста даҕаны Ярославскайга, Орджоникидзеҕа, Калиниҥҥа, Кагано­вич­ка ту­руорсубута. Васильев көрдөрүүлэриттэн көстөрүнэн, Аммосов-Барахов-Ва­силь­ев бө­лөхтөрө республикар «байыаннай коммунизмы» чөлүгэр түһэрии поли­ти­ка­тын ута­ры тиһэҕэр тиийэ охсуспута. Партия уонна государство улахан соло­лоох­то­ро 1928 с. республика балаһыанньата хайдаҕын толору истэ-билэ сыл­дьал­ла­ра, ол эрээ­ри барыта Сталиҥҥа тиийэн иҥнэр этэ. Ити кэмҥэ Сталин саҥа эко­но­ми­чес­кай по­литиканы суох оҥоруу курсун күүскэ тутуспута, ол тус бэйэтин дик­та­ту­ра­тын олох­тооһунҥа тартарыылаах ис режими кытаатыннарыынан доҕуһуоллам­мы­та.

1930 с. атырдьах ыйыттан биир сыл устатыгар С. В. Васильев ССРС рабочай-бааһы­най инспекциятын Наркомун КХК өҥнөөх металларга бөлөҕүн салай­аач­чы­нан үлэлээбитэ. 1931 с. атырдьах ыйыгар кини өҥнөөх металлары уонна кыһыл кө­мү­һү хостооһун уонна обработкалааһын рабочайдарын профсоюһун Киин Ко­ми­те­тын председателин эппиэттээх үлэтигэр анаммыта, ПСБСКС Пленумун састаа­бы­гар киллэриллибитэ. ПСБСКС Президиумун чилиэнигэр кандидатынан талыллы­бы­та. Ити кэнниттэн биэс сылга 1939 с. муус устарга диэри РК(б)П КК иһинэн Пар­тийнай Хонтуруол Комиссиятын ыарахан промышленноска бөлөҕүн салайаач­чы­нан улэлээбитэ. Ол эрээри репрессия ыас хара былыттара хойдон барбытгара. 1939 сыл ыам ыйыгар — сэтинньигэ Степан Васильев хаһаайыстыбаннай үлэҕэ — Москва к. 2‑с авторемонтнай заводун директорынан көһөрүллүбүтэ.

С. В. Васильев 1939 сыл бүтүүтүгэр репрессияламмыта. Кини Москваҕа уонна киин атын куораттарга олорор Саха сирин дьонуттан биир саамай кэнникинэн ту­тул­лубута. Кинини Өктөөп бырааһынньыга буолаары аҕай турдаҕына, сэтинньи 6 кү­нүгэр туппуттара. Васильевка «Саха республикатын сиригэр-уотугар дьайбыт Советскай былааһы утары үлэни ыыппыт буржуазнай-националистическай тэрилтэ салайааччыларыттан биирдэстэринэн буолаҕын» диэн буруйдааһын оҥоһуллубута. 1927 сылга советскай былааһы утары туһуламмыт үлэни ыытар тэрилтэ кыт­тыы­лаа­ҕын быһыытынан, РБИ ХК наркомунан уонна Саха АССР СНК председателин эбээ­һинэһин быстах кэмҥэ толорооччуннан буола сылдьан, өрө туруу кадрдарын тэ­рийиигэ активнайдык кыттыбыта, советскай былааһы утары үрүҥ бандьыыттар этэ­рээттэрин сэбилэниилээх турунууларыгар көмөлөспүтэ, үрүҥ гвардеецтар бас­таан­ньаларын кыттыылаахтарын көмүскэспитэ, Саха сиригэр партияҕа уҥа троц­кистскай уонна националистическай тэрилтэни чөлүгэр түһэриигэ БСК(б)П КХК уон­на кэлин БСК(б)П КК иһинэн ПХК чилиэнин сулууспалыыр балаһыанньатын ту­һаммыта" диэн букатын онно суох буруйдааһыны оҥорбуттара.

С. В. Васильев биир сыл сэттэ ый сүүрбэ күн устата бастаан утаа Бутырскай, кэлин Лефортовскай хаайыыларга түүннэри-күнүстэри салҕанан ыытыллыбыт ИДЬНК органнарын элбэх ахсааннаах доппуруостарыгар олус тулуурдааҕын көр­дөр­бүтэ: кими даҕаны этэн биэрбэтэҕэ уонна киниэхэ буруйдааһын оноһуллар «өстеөхтүү, үспүйүөннүүр, советскай былааһы утары туһуламмыт» дьайыыларын би­лиммэтэҕэ, Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, Попову, Захаренконы уонна ба­ры атын репрессияламмыт дьону партия уонна норуот иннилэригэр буруйа суох­та­ры­нан аахпыта. Коми АССР Канин Нос бөһүөлэгэр лааҕырга хаайыллан сытан. Сталинҥа, Берияҕа, Ярославскайга, Землячкаҕа ыыппыт суруктарыгар Аммосовы, Ба­раховы, Ойуунускайы, бэйэтин уонна да атыттары политическай реабилитация­лаа­һын туһунан боппуруоһу хаста даҕаны туруорбута.

С. В. Васильев личноска сүгүрүйүү кэмигэр ньүдьү-балай быһыы уонна репрессия сиэртибэтинэн буолбута, Канин Нос хаайыытыгар сытан 1943 с. алтынньы 26 күнүгэр өлбүтэ. Коми АССР Кожвинскай оройуонун 241/1 п/дь. Саха норуотун уһулуччулаах уола С. В. Васильев элбэх өрүттээх үлэтэ, прин­ци­пиальнайа, булгуруйбат модун санаалааҕа уонна чиэһинэйэ, бэйэтин норуотугар бэ­ри­ниилээҕэ билигин тыыннаах дьонҥо барыбытыгар уонна кэлэр көлүөнэлэргэ ча­ҕылхай холобурунан буолар.

Е. А. Борисов,
Саха Республикатын правительствотын председателин солбунааччы.
С.Васильев 100 сааһын бэлиэтиир правительственнан комиссия председателэ,
билигин Саха Республикатын правительствотын председателэ
Саха Сирэ. — 1996. — Ахсынньы 26 к.

Ылыллыбыт сирэ

  • Энциклопедия Якутии. — Якутск, 2000.
  • Дьаҕаһын Сиэнэ. — Якутск, 2015.
  • Е. А. Борисов. — Якутск, 1996.

Быһаарыылар

  1. Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дьокуускай: «Кудук», 1998. — ISBN 5-7863-0122-2