Баппаҕаайы нэһилиэгэ
Баппаҕаайы нэһилиэгэ — Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ-Илбэҥэ.
Нэһилиэк сэлиэнньэлэрэ:
- Илбэҥэ- 560 киһи
- Арыылаах- 0 киһи
- Сортуол- 0 киһи.
Билиҥҥи Баппаҕаайы нэһилиэгэ арҕаа өттүттэн Күҥкүс, или өттүттэн Луҥха үрэхтэр, хоту Кэбээйи, соҕуруу Горнай улуустарын ыккардыгар тайаан сытар. Нэһилиэк иһинэн икки улахан үрэх ааһар:
- Луҥха
- Баппаҕаайы
Улуус кииниттэн 215 км соҕуруулуу-илин «Бүлүү» суолугар сытар.
Баай эбэ, Силээн, Тураҥнаах диэн хоруллан уута түһэриллибит оттонор күөллэрдээх.
Олохтоох дьонун ахсаана — 560 киһи (2017 сыл).
Нэһилиэктэн төрүттээхтэр
- Алексеев Михаил Андреевич (1917—1995) — ССРС норуодунай учуутала.
- Алексеев Трофим Кузьмич - спорт маастара, марафонист, тустуук.
- Герман Степанов- Саха эстрадатын ырыаһыта, СР культуратын туйгуна.
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь-справочник. — Якутск, 1980.