Луҥха
Луҥха өрүс - Өлүөнэ өрүс хаҥас салаата. Уһуна 538 км., тардыытын иэнэ 10300 кв.км.
Баһа Өлүөнэтээҕи хаптал хайалаах сир хотугу уһугар баар. Сүүрээнэ бүттүүн Саха сирин ортоку намталга сытар.
Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ. Уҥа өртүттэн Хатыҥ Үрэх (315 км.) бөдөҥ салаалаах.
1950 - 60 сыллардаахха сааскы халаан уутугар аал сырыыта Кэбээйиттэн чугас устар Саадах диэн үрэххэ дылы баар этэ.
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.