Йоhанн Вольфгаҥ фон Гөте
Йоhанн Вольфгаҥ фон Гөте (Johann Wolfgang von Goethe, Атырдьах ыйын 28, 1749 — Кулун тутар 22, 1832) диэн Германия суруйааччыта. Гөте поэзия, драма, литература, теология, философия, хуманизм уонна үөрэх эйгэлэригэр сыhыаннаах үлэлэрдээх. Бастыҥ үлэтинэн буолар икки ирээттээх Фауст.
Гөте ниэмэс литературатын уонна Ваймар классицизмын хамсааhынын биир тутаах фигуралара буолар.