Бүлүүтээҕи ГЭС
Бүлүүтээҕи ГЭС — Бүлүү өрүскэ тутуллубут гидроэлектростанция — уу күүһүн туһанан уоту оҥорон биэрэр агрегат.
Билиҥҥи туругунан Бүлүүтээҕи ГЭС ирбэт тоҥҥо тутуллубут аан дойдуга соҕотох гидроэлектростанция.
Тутуута үс уочаратынан барар. ГЭС-1 1970 сыллаахха, ГЭС-2 1975 сыллаахха тутуллан олоххо киирбиттэрэ. ГЭС-3 бастакы агрегаата 2004 с. үлэҕэ киирбитэ.
Суолтата
Бу ГЭС тутуллан алмаас-таас хостооччулары энергияннан хааччыйбыта. Ону тэҥэ Саха сирин арҕаа өттө уотунан хааччыллыбыта. Ол гынан баран бу тутуу иккис бөрүкүтэ суох өрүтэ эмиэ баар. Бу - ГЭС ууну Туой Хайа бөһүөлэк олохтоохторо күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ. Иккиһинэн уу анныгар элбэх мас тимирбитин түмүгэр ол сытыйыыта (феноллар) Бүлүү өрүһү сүһүрдүбүтэ.