Бүлүүтээҕи ууну хаайар сир
Бүлүүтээҕи ууну хаайар сир. климаттаах сиргэ маҥнайгы улахан ууну хаайар сир.
70 м үрдүктээх Бүлүүтээҕи ГЭС быһыта тутуллубутун кэннэ 1963 - 1967 сылларга туолбута. Үксүнэн Бүлүү уонна кини салаата Чуона хочолоро туолбуттара.
Иэнэ 2200 км², сабардама 36 км³. Бүлүү өрүс устун уһуна 430 км., Чуона өрүс устун 250 км.
Кэтитэ 3 - 15 км., Орто дьириҥэ 17 м., ордук дьириҥэ 70 м тиийэр. Кытыла олус өҕүллэҕэс.
Бүлүү өрүс сыллааҕы таһымын хонтуруоллуур уонна уута энергетикаҕа туһаныллар. Балык хаһаайыстыбатыгар туһаныллар.
Уунан туолар кэмигэр Туой Хайа диэн сэлиэнньэ олохтоохторо Арыылаахха көһөрөллүбүттэрэ. Арыылаах билигин Чуона нэһилиэк киинэ.
Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.