Васильев Роман Гаврильевич
Васильев Роман Гаврильевич (1913 сыл алтынньы 9 күнэ, Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) — 1991 сыл ыам ыйын 3 күнэ) — сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл; 1953—1956 сыллардаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Олоҕун олуктара
1913 сыллаахха алтынньы 9 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. ВКП(б) КК иһинэн Үрдүкү Баартыйа оскуолатын бүтэрбитэ.
1930 сылга — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыба артыалларын бэрэссэдээтэлэ.
1930—1932 сс. — ЫБСЛКС Мэҥэ-Хаҥалас райкомун иһинэн пионерия тэрилтэтин бүрүөтүн бэрэссэдээтэлэ.
1932—1935 сс. — ЫБСЛКС Саха обкомун пионерия тэрилтэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. 1935—1937 сс. — ЫБСЛКС Саха обкомын политүөрэх сиэктэрин сэбиэдиссэйэ. 1938 сылга — ЫБСЛКС Дьокуускайдааҕы горкомун бастакы сэкирэтээрэ.
1939—1940 сс. — «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтин баартыйа пропагандатын салаатын сэбиэдиссэйэ.
1941—1943 сс. — ВКП(б) Өймөкөөн райкомун бастакы сэкирэтээрэ. 1943—1944 сс. — ВКП(б) Саха обкомун каадыр отделын сиэктэрин сэбиэдиссэйэ. 1944—1948 сс. — ВКП(б) Дьокуускайдааҕы горкомун үһүс сэкирэтээрэ.
1951—1953 сс. — ССКП Дьокуускайдааҕы горкомун бастакы сэкирэтээрэ.
1953 кулун тутар — 1956 муус устар — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1956—1958 сс. — Мэҥэ-Хаҥаласка МТС дириэктэрэ.
1958—1963 сс. — Саха АССР Олохтоох бырамыысыланнаһын миниистирэ.
1963—1965 сс. — Саха АССР Заречнай оройуон исполкомун бэрэссэдээтэлэ.
1965—1974 сс. — Мэҥэ-Хаҥалас исполкомун бэрэссэдээтэлэ.
ССКП XIX сийиэһин дэлэгээтинэн талыллан үлэлээбитэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин II—IV уонна VII ыҥырыыларын дьокутаата.
1991 сыллаахха ыам ыйын 3 күнүгэр өлбүтэ[1].
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан;
- «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан;
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо[2](1985);
- Өймөкөөн улууһун Ытык олохтооҕо;
- Алдан улууһун Ытык олохтооҕо.
Быһаарыылар
- ↑ Васильев Роман Гаврильевич (рус.). Национальная библиотека Якутии. Сигэнии күнэ: 16 Тохсунньу 2026.
- ↑ Почетные граждане Мегино-Кангаласского улуса (рус.). Сигэнии күнэ: 16 Тохсунньу 2026.