Тохтамыш
Тохтамыш | |
---|---|
| |
1380 — 1395 | |
Предшественник | Арабшах-хан |
Преемник | Тимур-Кутлуг-хан |
Тюменский хан
|
|
1396 — 1406 | |
|
|
Төрөөбүтэ | 1342 |
Өлбүтэ |
1406 Чинги-Тура аттыгар |
Ууһа | Тукатимуриды |
Аҕата | Туй-Ходжа-оглан |
Кэргэн | Тогайбек[d] |
Оҕолоро |
Джелал ад-Дин (улахан уола) Керимберды Кепек Кадыр-Берди Джаббар-Берди Сайид-Ахмад (13 оҕо араас кэргэннэриттэн уонна наложницалартан) |
Итэҕэлгэ сыһыана | ислам суннит көрүҥэ |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Тохтамыш (Токтамыш, Тахтамыш, Тотамих, өлбүт сыла 1406[1]) — 1380–1395 сылларга Алтан Ордуу (Дьүчи Улууһун) хаана, 1396–1406 сылларга Түмэн (Сибиир) хаана[2], Чыҥыс Хаан улахан уолун Дьүчи уон үһүс оҕотун Тукай-Тимур сыдьааннарыттан биирдэстэрэ[3],
Былааска кэлиитэ
Чыҥыс сыдьаана (нууч.: Чингизид) Тохтамыш аҕата Туй-Ходьа оҕлан этэ. Кини Мангышлак баһылыга уонна Урус-хаан кэмигэр сүдү күүстээх ханзады этэ. Туй-Ходьа өлөрүллүбүтүн кэннэ Тохтамыш 1376 сыллаахха Алтан Ордууттан Мавераннаһрга баар Самарканд куоракка куоппута. Ол кэмҥэ Мавераннаһр баһылыга Тимур (Тамерлан) этэ.
1377 сыллаахха Тохтамыш Тимур (Тамерлан) көмөтүнэн Алтан Ордууга сэриинэн барбыта. Бастакы кыргыһыыга төһө да Алтан Ордуу сэриитин баһылыга, Урус-хаан уола Кутлуг-Буҕа өлбүтүн иһин, Тохтамыш хотторон Тимурга куоппута. Сотору буолан баран Тохтамыш Тимуртан өссө күүстээх сэриинэн ылан саҥаттан Алтан Ордууга сэриинэн барбыт. Ол эрээри бу сырыыга Урус-хаан уолун Токтакийэни кытта кыргыһыыга хотторон эмиэ Тимурга куоппут. Урус-хаан Тимуртан сэриинэн куттаан Тохтамыһы кинилэргэ ыытарын көрдөөбүт, ол гынан баран Тимур аккаастаммыт.
Тимур аны бэйэтэ Алтан Ордууга сэриинэн барарга бэлэмнэммит. Урус-хаан өлбүтүн кэннэ Алтан Ордуу саҥа хаана Токтакийэ буолбут, онтон Тимур-Малик оҕлан. Тохтамыш аны Тимур-Малигы утары сэриинэн барбыт, ол эрээри эмиэ хотторбут уонна Тимурга куоппут. Сотору кэмҥэ Тимур-Малик оҕлан Алтан Ордуу иһигэр былааһа мөлтөөбүт, кинини утарааччы элбээбит. Тимур түгэнинэн туһанан Тохтамыһы Тимур-Малигы утары ыыппыт. Бу сырыыга Тохтамыш кыайыылаах буолбут уонна Алтан Ордуу илиҥҥи өттүгэр, ол эбэтэр Маҥан Ордууга хаан буобут.
1378 сыл сааһыгар Тохтамыш Алтан Ордуу илиҥҥи өттүн хаана буолан Мамай баһылыктаах Алтан Ордуу арҕааҥы өттүн сэриилииргэ санаммыта. 1380 сыллаахха Тохтамыш Сарай-Бэркэ киин куораттаах бүтүн Алтан Ордууну баһылаабыт.
Тохтамыш бүтүн Алтан Ордуу хаана буолан баран нууччэ кинээстэригэр хаан буолбутун туһунан илдьиттэри ыыппыт. Нуучча кинээстэрэ татаар илдьиттэрин эйэҕэстик көрсөннөр, Тохтамышка бэлэхтэрдээх бэйэлэрин илдьиттэрин ыыппыттара уонна хаан дьаралыгын ыла кэлбиттэрэ. Арай Москва кинээһэ Дмитрий Донской эрэ хааны көрсө тиийбэтэҕэ.
Москваҕа сэрии
1382 сыллаахха Тохтамыш Москваҕа сэриинэн барбыта[4].
Нуучча кинээстэрэ Тохтамыш иһэрин билэннэр, бас бэринэллэрин биллэрэн хааҥҥа бэйэлэрин уолаттарын аманаакка ыыппыттара уонна Москваҕа тиийэллэригэр көмөлөспүттэрэ. Дмитрий Донской Тохтамыштан куттанан Москваттан Костомаҕа куоппута.
Москва олохтоохторо Тохтамыш Серпухов куораты сэриилээн ылбытын билэннэр уонна туох да көмүскэнэр кыахтара суох буолан (кинээстэрэ Дмитрий Донской Костромаҕа куоппут этэ) өрө турбуттар. 1382 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Тохтамыш Москваҕа тиийбит уонна икки күн буолан баран, атырдьах ыйын 26 күнүгэр Москва татаардарга бэриммит. Ол кэнниттэн Тохтамыш Переяславль, Владимир, Юрьев, Звенигород, Можайск уонна Москваны кытта ыаллыы сытар атын куораттары сэриилээн ылбыта.
Тохтамыш ситиһиилээх сэрии кэнниттэн Ордууга төннүбүт. Ол кэнниттэн Дмитрий Донской уола Бастакы Василий Ордууга кэлэн хаан дьаралыгын ылбыта.
Тимуру (Тамерланы) кытта сэрии
Татаардар ол кэнниттэн эмиэ хаста да нууччалар сирдэригэр сэриинэн бара сылдьыбыттара, ол эрээри ол кэмҥэ Тохтамыш сүрүн өстөөҕө Тимур (Тамерлан) буолбута. Тохтамыш Тимур арҕааҥы Ирааны баһылыыр кутталлааҕын өйдөөн 1385 сыллаахха Соҕуруу Кавказка сэриинэн барбыта уонна Тэбриз куораты халаабыта. 1390-с сылларга Тохтамыш Тимуру кытта хас да кыргыһыыга хотторбута: 1391 сыллаахха Кондурча кыргыһыытыгар уонна 1395 сыллаахха Тэрэк кыргыһыытыгар. Ол кэнниттэн Тохтамыш былааһын сүтэрбитэ уонна тохтоло суох Тимур анаабыт хааннарын кытта сэриилэспитэ. Ол кэмҥэ Тохтамыш хас да сылга Түмэн (Сибиир) хаана буола сылдьыбыта
Тохтамыш 1406 сыллаахха Эдигэй уонна Чөкрэни утары кыргыһыыга өлбүтэ.
Дьиэ кэргэнэ
Тохтамыш Туй-ходьи уола, Кутлуг-ходьи сиэнэ, Кунчэк хос сиэнэ, Саричи хос хос сиэнэ, Уран-Тимур хос хос хос сиэнэ, Тука-Тимур хос хос хос хос сиэнэ уонна Дьүчи хос хос хос хос хос сиэнэ этэ.
Тохтамыш ойохторо: Тагай-бикэ, Шукр-бикэ-аҕа, Урун-бикэ этилэр
Тохтамыш аҕыс уоллаах уонна биэс кыыстаах этэ:
- Дьэлал ад-Дин-хан;
- Джаббар-Берди;
- Кeпек;
- Керимберды;
- Искандар;
- Бу-Саид;
- Кучик;
- Кадыр-Берди;
- Малика-ханча;
- Ханинка;
- Дьанике-ханым;
- Саадат-бек (Саид-бикэ-ханча);
- Кадидьа.
Эбии көр
Быһаарыылар
- Буганов В. И. Золотая Орда // Большая советская энциклопедия
- ↑ Султанов Т.И. Чингиз-хан и Чингизиды. Судьба и власть. — М.: АСТ, 2007. — 446 с. — ISBN 5-17-035804-0
- ↑ Хамидова Ч.И. Структура генеалогических сочинений по истории Чингизидов // Золотоордынское обозрение, №4, 2018, с.702
- ↑ Полубояринова М. Д. Русь и Волжская Болгария в X—XV вв. — М.: Наука, 1993. — С. 10.
Литература
- Пачкалов А. В. Золотоордынские города Нижнего Поволжья в конце XIV в. // Золотоордынское наследие. Материалы Международной научной конференции «Политическая и социально-экономическая история Золотой Орды (XIII—XV вв.)». Вып. 1. : сборник. — Казань, 2009. — ISBN 978-5-9690-0073-5.
- Григорьев А. П. Золотоордынские ханы 60—70-х годов XIV в.: хронология правлений // Историография и источниковедение стран Азии и Африки : сборник. — Л.: Изд-во ЛГУ, 1983. — Вып. VII. Архивировано 18 Ыам ыйын 2012 года.
- Миргалеев И. М. Политическая история Золотой Орды периода правления Токтамыш-хана. — 1-е изд. — Казань: Алма-Лит, 2003. — 164 с. — 500 экз. — ISBN 5-98245-007-3
- Почекаев Р. Ю. Очерк десятый. Токтамыш, или «Новый Чингис-хан» // Цари ордынские. Биографии ханов и правителей Золотой Орды. — 1-е изд. — СПб.: Евразия, 2010. — С. 155—177. — 408 с. — 1 000 экз. — ISBN 978-5-91852-010-9
- Сафаргалиев М. Г. Распад Золотой Орды. — 1-е изд. — Саранск: Мордовское книжное издательство, 1960. — С. 137—182. — 278 с. — 1 500 экз.
- Тохтамыш, хан // Брокгауз уонна Ефрон энциклопедическай тылдьыта: 86 туомнаах (82 т. уо. 4 эб.). — СПб., 1890—1907.
- Трепавлов В. В. История Ногайской Орды. — 1-е изд. — М.: Восточная литература РАН, 2002. — С. 75—77. — 752 с. — ISBN 5-02-018193-5
- Якубовский А. Ю. Ч. 3. Падение Золотой Орды // Греков Б. Д., Якубовский А. Ю. Золотая Орда и её падение. — 2-е изд. — М.-Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — С. 316—384. — 478 с. — 10 000 экз.