Мамай

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мамай
Беклярбек
1361 — 1380
Преемник Едигей

Төрөөбүтэ 1320—1330
Солхат, Кырыым
Өлбүтэ 1380({{padleft:1380|4|0}})
Кафа
Көмүллүбүт сирэ Шейх-Мамай, Крым
Ууһа Кият
Аҕата Алиш (Алыш, Алаш)
Кэргэн Тулунбек[d]
Итэҕэлгэ  сыһыана исмаилизм
Военная служба
Звание темник
Кыргыһыылар Куликовская битва
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Мамай (быһа холоон 1335 сыллаахха Солхат (Эргэ Кырыым) диэн сиргэ төрөөбүтэ[1] — 1380 сыллаахха Кафа куоракка өлбүтэ) — Кырыымтан төрүттээх Алтан Ордуу бэклэрбэгэ[2].

Мамай 1361 сылтан 1380 сылга диэри Алтан Ордууга Улуу Кэхтии кэмигэр (былаас былдьаһыытыттан саҕаламмыт ис сэриилэр) Бату сыдьааннарын (нууч.: Батуиды) хаан буоларга анаан Алтан Ордуу арҕааҥы аҥарын дьаһайан олорбута.

Төрдө

Мамай быһа холоноон 1320–1330 сылларга төрөөбүтэ уонна чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан оҕо сылдьан 1357–1359 сылларга баһылыктаабыт Бэрдибэк хаан доҕоро этэ[3]. Бэрдибэк өлбүтүгэр Бату сыдьааннарын ууһа быстан хаалбыта уонна Алтан Ордууга 1380 сылга диэри Улуу Кэхтии (нууч.: Великая Замятня) кэмэ саҕаламмыта. Мамай мусульманныы аата Кичиг-Муһаммад диэн этэ[3]. Мамай ойоҕо Бэрдибэк кыыһа Тулунбэк-ханум буолбута. Мамай Улуу Кэхтии кэмигэр Алтан Ордуу үрдүнэн сокуоннай Бату сыдьааннарын былааһын төнүннэрэ сатаабыта уонна бэйэтэ баһылаабыт Алтан Ордуу арҕааҥы аҥарыгар Бату сыдьааннарын хаан гыммыта.

Бэклэрбэк

1350-с сыллар иккис аҥарыттан ылата Мамай Кырыым уонна Хара муораттан хоту сытар сирдэр баһылыга буолбута. 1357 сыллаахха Бэрдибэк хаан Мамайы Алтан Ордуу бэклэрбэгинэн анаабыта (хаан кэнниттэн иккис улахан киһи). Бэклэрбэк Ордуу сэриитин, тас сыһыаннары уонна сууд дьыалатын тутан олороро.

Улуус баһылыга

1359 сыллаахха Кульпа Бэрдибэк хааны өлөрбүтүгэр Мамай киниэхэ сэриини биллэрбитэ. Бу курдук Ордууга Улуу Кэхтии саҕаламмыта. Мамай Чыҥыс Хаан сыдьаана буолбатах буолан, хаан буолар кыаҕа суох этэ. 1361 сыллаахха Мамай Маҥан Ордуу хаанынан Бату сыдьаанын Абдуллаһ диэн киһини анаабыта, ол эрээри хаан буолуон баҕалаах атын дьон ону утарбыттара. 1359 сылтан 1370 сылга диэри Мамай уопсайа тоҕус хаан буолуон баҕалаах киһини кытта сэриилэспитэ. 1366 сыллаахха Мамай Алтан Ордуу арҕааҥы өттүн, ол аата Кырыымтан Волга өрүс арҕааҥы кытылыгар диэри баһылаабыта.

Мамай Улуу Кэхтии кэмигэр сорох ардыгар (1363, 1367–1368, 1372–1373) Волга өрүстэн илин диэки баар Алтан Ордуу киин куоратын Сарайы сэриилээн ылбыта, ол эрээри Мамай бэйэтин киин куората Днепр өрүс кытылыгар турар Замык куорат этэ[4]. Мамай илиҥҥи дойдулары кытта үчүгэй сыһыана суох буолан, ордук Генуяҕа, Венецияҕа уонна Улуу Литва княжествотугар чугаһаабыта.

1370 сыл бэс ыйыгар Абдуллаһ хаан өлбүтэ, саҥа хаан аҕыс саастаах Бату сыдьаана Муһаммад Булак буолбута. Кини 1380 сыллаахха Куликов кыргыһыытыгар өлүөр диэри Маҥан Ордуу хаана этэ.

Москваны кытта сыһыан

Мамай Москваны кытта сыһыана бутуурдаах этэ. Кини аан маҥнай Москва кинээһин өйүүр уонна киниэхэ көмөлөһөр этэ. Холобур, 1363 сыллаахха Мамай Москва төлүөхтээх төлөбүрүн кыччаппыта. Ону таһынан Мамай 1358–1359 сылларга Литваҕа хаайыллан сыппыт Москва митрополитын Алексийи босхолообута.

1363 сыллаахха Мамай кыра саастаах Дмитрийгэ улуу кинээс дьаралыгын биэрбитэ. Бу курдук Дмитрий чуолаан Абдуллаһ хаантан уонна Мамайтан тутулуктаах буоларын бигэргэппитэ. Ол эрээри 1370 сыллаахха Мамай улуу кинээс дьаралыгын Дмитрийтэн ылан, Твердээҕи Михаилга биэрбитэ. 1371 сыллаахха Дмитрий бэйэтинэн Ордууга баран Мамайы көрсүбүтэ уонна Муһаммад Булак саҥа хаан аатыттан дьаралыгы төнүннэрбитэ.

1374 сыллаахха Москва уонна Мамай сыһыаннара букатыннаахтык буортулуммуттара.

Тохтамыһы утары сэрии

1377 сыллаахха Чыҥыс хаан сыдьаана Тохтамыш Тимур (Тамерлан) көмөтүнэн Алтан Ордууга былааһы былдьаһа кэлбитэ. Тохтамыш аан маҥнай Ордуу илиҥҥи өттүн (Күөх Ордуу) баһылаабыта, онтон Мамай баһылыктаах Ордуу арҕааҥы өттүгэр (Маҥан Ордуу) сэриинэн кэлбитэ. 1380 сыллаахха Тохтамыш бүтүн Алтан Ордууну баһылаабыта. Мамай төрөөбүт дойдутун Кырыымы эрэ тутан хаалбыта.

1380 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Мамай сэриитэ Куликов кыргыһыытыгар хотторбута. Ол кыргыһыыга кини талбыт хаана Муһаммад Булак өлбүтэ. Бу түбэлтэ Тохтамыш хаан былааһын күүһүрдүбүтэ.

1380 сыл алтынньытыгар эбэтэр сэтинньитигэр Мамай уонна Тохтамыш сэриилэрин кыргыһыыта буолбута. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу кыргыһыы Калка кыргыһыыта буолуон сөп[5]. Мамай бу кыргыһыыга хотторон Кырыымҥа куоппут.

Өлүүтэ

Мамай Тохтамышка хотторон баран Кафа куоракка куоппута. Бу куоракка кини Генуя дьонун кытта сибээстээх этэ, ол эрээри кинилэр Мамайы куоракка киллэрбэтэхтэрэ. Ол кэннэ Мамай Солхат куоракка бара сатаабыта да айаннаан иһэн Тохтамыш дьонугар түбэһэн хаалан өлбүтэ.

Эбии көр

Быһаарыылар

  1. ТЕМНИК МАМАЙ (укр.). museum-of-money.org. Тургутулунна 28 Алтынньы 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 17 Олунньу 2014.
  2. Мамай // Большая российская энциклопедия : [в 35 т.] / гл. ред. Ю. С. Осипов. — М. : Большая российская энциклопедия, 2004—2017.
  3. 3,0 3,1 Почекаев Р. Ю. Мамай. Взлёт и падение titanus’а. — С. 203.
  4. Шенников А. А., 1981
  5. Шенников А. А. Княжество потомков Мамая // Депонировано в ИНИОН. — Л., 1981. — № 7380. — С. 20–22.

Литература

  • Почекаев Р. Ю. Мамай: История «антигероя» в истории (630-летию Куликовской битвы посвящается). — СПб.: Евразия, 2010. — 288 с. — (Clio). — 2000 экз. — ISBN 978-5-91852-020-8 (в пер.)
  • Почекаев Р. Ю. Мамай. Взлёт и падение titanus'а // В кн.: Почекаев Р. Ю. Ханы Золотой Орды. — СПб.: Евразия, 2010. — С. 201—233. — (Clio). — 2000 экз. — ISBN 978-5-91852-011-6
  • Почекаев Р. Ю. Мамай летописный и Мамай исторический (попытка развенчания стереотипов) // Мамай: Опыт историографической антологии: Сборник научных трудов / Под ред. В. В. Трепавлова, И. М. Миргалеева; Академия наук Республики Татарстан. Институт истории им. Ш. Марджани, Центр золотоордынских исследований. — Казань: Изд-во «Фэн» АН РТ, 2010. — С. 206–238. — 248 с. — (История и культура Золотой Орды. Вып. 13). — 600 экз. — ISBN 978-5-9690-0136-7 (обл.)
  • Гумилёв, Лев Николаевич Древняя Русь и Великая степь. — СПб.: Кристалл, 2002. — 767 с. — 5000 экз. — ISBN 5-306-00155-6