Федоров Михаил Михайлович
Федоров Михаил Михайлович — юридическай билим доктора, профессор.
Олоҕун олуктара
- 1920 с. сэтинньи 21 күнүгэр Саха уобалаһын Таатта улууһугар Бастакы Дьохсоҕон нэһилиэккэ төрөөбүтэ.
- 1940—1942 сс. — оройуон прокурорын көмөлөһөөччүтэ.
- 1942—1946 сс. — Армияҕа сулууспалыыр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыны ылар.
- 1947—1958 сс. — прокуратура органнарыгар үлэлиир.
- 1954 с. — Бүтүн Союзтааҕы юридическай институты кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
- 1958—1961 сс. — партийнай үлэҕэ сылдьар.
- 1961 с. — ССКП КК иһинэн Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэр.
- 1961—1969 сс. — Саха АССР прокурора.
- 1968 с. — юридическай билим кандидатыгар «Развитие Советской государственности в Якутии (1918—1937 гг.)» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскүүр.
- 1969—1975 сс. — ССРС НА СС СС ТЛИ Институтын старшай научнай үлэһитэ, история салаатын сэбиэдиссэйэ.
- 1975 сылтан — Саха государственнай университетын доцена, профессора.
- 1980 с. — докторскай диссертациятын «Правовые положения народов Восточной Сибири (XVII — нач. XIX вв.)» тиэмэҕэ ситиһиилээхтик көмүскүүр.
1963, 1971 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин депутатынан талыллан үлэлээбитэ.
Сүрүн үлэлэрэ
- «Развитие государственности якутского народа» (Якутск, 1964) — монография.
- «Развитие советской государственности в Якутии» (Якутск, 1968) — монография.
- «Правовое положение народов Восточной Сибири (XVII — начало XIX в.)» (Якутск, 1978).
- «История правового положения народов Восточной Сибири в составе России» (Иркутск, 1991).
- «Олох аартыгар (Путёвка в жизнь)» (Якутск, 1995).
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха АССР билимин үтүөлээх үлэһитэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2000)[1]
- Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо[2] (1995)
Быһаарыылар
Өссө маны көр
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина