Усуйаана

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Усуйаана нэһилиэк Усуйаана улууһун каартатыгар

Дьааҥы өрүс кытылыгар турар Усуйаана улууһун нэһилиэгэ, киинэ Усуйаана.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 316 киһи (2007 сыл), үксэ сахалар, аҕыйах сахатыйбыт эбээн,нуучча төрүттээх дьон баар.

Сүрүн дьарыктара балыктааһын, хас да араас формалаах тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ бааллар (Усуйаана сиригэр 4000 цнт. тахса балык соҕотуопкаланар).

Ону тэҥэ таба иитиитэ (1 ыстаада сыһыарыллыбыта нэһилиэккэ), булт ( 1 «Куоҕастаах» община кырсалыыр) баар.

Биирдилээн дьон сылгы, ынах, сибиинньэ ииттэллэр. Нэһилиэккэ ситэтэ суох орто оскуола, оҕо саада, почта, ДЭС, культура дьиэтэ үлэлииллэр.

Баһылык — Барабанскай Гавриил Гавриилович.


Нэһилиэктэн төрүттээхтэр

Нэһилиэк киэн туттар дьоно

  • Hero of Socialist Labor medal.png Горохов Семен Васильевич — Социалистическай Үлэ Геройа, кырсаһыт.
  • Горохов Иван Николаевич — уордьаннаах табаһыт-наставник.
Усуйаана куйаартан көстүүтэ

Өссө маны көр

М.М. Геденштром Саҥа Сибиир арыыларга экспедицията (1808—1810)