Вильгельм Конрад Рентген
Вильге́льм Ко́нрад Рентге́н — ньиэмэс физигэ, физикаҕа Нобель бириэмийэтин бастакы лауреата (1901 сыл).
Олоҕо
Вильгельм Конрад Рентген кулун тутар 27 күнүгэр 1845 cыллаахха төрөөбүтэ. Дьиэ кэргэнигэр соҕотох уол оҕо этэ.Аҕата, Фридрих Рентген, атыыһыт этэ уонна таҥас тигэрэ. Ийэтэ, Шарлотта Констанца, Амстердамтан төрүттээх этэ. Кулун тутар ыйыгыр 1848 сыллаахха Апелдорн диэн куорака көһөллөр. Бастакы үөрэхтээһинин чааһынай Мартинус фон Дорна оскуолаттан ылар. Онтон 1865 сыллаахха экзамен туттаран Федеральный политехнический институт Цюрихе киирэр. Устудьуон үрдүк аатын сүгэн доктор философии аатынан бүтэрэр. Вюрцбургскай университетка улэлии сылдьыбыт. 1875 сылтан ыла кини Хоэнхайме диэн куоракка профессордаабыт, онтон 1876 сылтан ыла - физика профессора Старсбург диэн куоракка. 1900 сыллаахха Рентген физика кафедратын салайааччыта буолар. Олоҕун тиһэх күнэригэр диэри үлэлээбитэ.
Өлбүт сыла олунньу ыйын 10 күнэ 1923 сыллаахха рак ыарыыннан өлбүтэ. Гиссен куоракка көмпүттэрэ.
Ситиспит үлэтэ
Рентген пьезоэлектрическай уонна пироэлектрическай кристалл свойстваларын чинчийбит, электрическай уонна оптическай хардарыта ситимнэрин туруорбут. Өссө магнитезмы чинчийбит, ол чинчийбит ньымата көмө буолбут биир электроннай теория учуонайыгар Хандрик Лоренцка.
Сардаҥа арыйыыта
Вильгельм Рентген олус үлэһит киһи этэ, ол иһин инники Вюрцбургскай универитетка өргө дылы олорон үлэлиир дьаллыктаах этэ.
Ордук сүрүн үлэтэ олоҕор - икс-излучение буолар. 50 сааһыгар биирдэ ситиспит.
Дьиэ кэргэнэ
1872 сыллаахха Анна Людвигы кэргэн ылбыта. Бэйэлэрин оҕолоро суох буолан , оҕо ииттэ ыларга соруммуттара. 1881 сыллаахха 6 саастаах Жозефина Людвигы ииттэ ылбыттара. Кэргэнэ хомойуох иһин 1919 сыллаахха кун сириттэн барбыта, ол саҕана Рентген 74 саастааҕа. Кэргэнэ өлүөҕүттэн ыла соҕотохсуйбута.
Өйдөбунньук
Бастакы өйдөбүлү 29 тохсунньу ыйын 1920 сыллаахха Петроград куоракка туппуттара. 1923 сыллаахха, кини өлбүтүн кэннэ Рентген аатынан уулусса анаммыта. Аан дойдутааҕы астрономическай союз 1964 сыллаахха Вильгельм Рентген аатын сүгүрүйүммүтэ.
Туһаныллыбыт литература
- Аксёнова М. Д. Мир современной техники // Энциклопедия для детей. Техника. — М.: Аванта+, 1999. — Т. 14. — С. 688. — ISBN 5-8483-0011-9.
- Вильгельм Рентген // Лауреаты Нобелевской премии: Энциклопедия / Пер. с англ. — М.: Прогресс, 1992.
- Зеленин К. Н. Рентген Вильгельм Конрад // Кругосвет.
- Рентген, Вильгельм Конрад // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона : в 86 т. (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907. т. XXVIa, с. 589—590
- Храмов Ю. А. Рентген Вильгельм Конрад (Röntgen Wilhelm Conrad) // Физики: Биографический справочник / Под ред. А. И. Ахиезера. — Изд. 2-е, испр. и дополн. — М.: Наука, 1983. — С. 232. — 400 с. — 200 000 экз. (в пер.)