Кристааллар
Кристааллар — айылҕаттан сөптөөх многогранник формалаах кытаанах эттиктэр. «Кристаал» диэн аат икки гириэк тылыттан оҥоһуллубут — «тымныы» уонна «хатыы/кытаатыы», ол аата Гомер саҕана «таастыйбыт муус» диэн суолталаах этэ, уонна ол саҕана хайа курустаалын кристаалларыгар эрэ сыһыаннааҕа.
Кристааллар айылҕаттан сөптөөх формалаахтара кристаал атомнара туспа анал бэрээдэгинэн бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһоллорунан быһаарыллар. Ол анал бэрээдэктээхтик холбоспуттара кристаал решетката диэн ааттанар.
Кристааллары араас геохимия науукалара үөрэтэллэр:
- Минералогия - айылҕаҕа үөскүүр минерааллар кристаалларын чинчийэр.
- Кристаллография кристааллар тас симметрияларын уонна ис туруктарын быһаарыынан уонна классификациялааһынынан дьарыктанар.
- Кристаллохимия кристааллар араас эттиктэртэн үөскээһиннэрин уонна ис оҥоһууларын үөрэтэр.
- Рентген-структурнай анаалыс - дьиҥнээх кристааллар састааптарын уонна оҥоһууларын рентген көмөтүнэн чинчийэр.
- Кристаллооптика кристааллар, кристаллар болөхторүн уонна хайа боруодаларын оптическэй майгыларын үөрэтэр.
- Геммология айылҕа күндү таастарын уонна оҥоһуу таастар физическэй уонна химическэй майгыларын, уратыларын үөрэтэр.
- Экспериментальнай физика атыны тэҥэ оҥоһуу кристааллары анал майгылаах гына үүннэриинэн дьарыктанар.
Туһаныллыбыт сирдэр
- Всё о геологии (нууч.)