Хомустаах (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)
Хомустаах — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин нэһилиэнньэлээх пууна. Олохтоох ахсаана — 19 киһи (2021)[2].
Этимология
Аата саха тылыттан, хомустаах («хомус диэн үүнээйилээх») диэн тылтан тахсар[3].
Географията
Сэлиэнньэ орто тайҕа ойуурдар хос зонатыгар, тайҕа зонатыгар[4], эрэгийиэн киинигэр Саха сирин ортоку намталыгар баар[5].
Географическай балаһыанньата
Урукку улуус киинигэр Майа сэлиэнньэтигэр диэри 31 км[6].
Нэһилиэк дьаһалта кииниттэн — Павловскайдан 4 км (кииниттэн) уонна 700 миэтэрэ (кытыыттан).
Климат
Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, бүтүн оройуоҥҥа курдук, климата резко континентальнай, уһун кыһыннаах уонна кылгас сайыҥҥы кэмнээх. Кыһыҥҥы кэмҥэ күн-дьыл ыраас, намыһах температуралаах. Кыһыҥҥы кэмҥэ тымныы Сибиир антициклонуттан тахсар. Тохсунньу орто температурата −41…-42 °C, от ыйыгар +17…+18 °C. Сылга 200—255 мм сөҥүү түһэр[5].
Нэһилиэнньэ
| 2002 | 2010 | 2021 |
|---|---|---|
| 34 | ↘18 | ↗19 |
- Национальнай састаап
2002 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн нэһилиэнньэ национальнай састаабыгар сахалар уопсайа 34 киһилээх нэһилиэнньэттэн 100 % ылаллара[7].
Инфраструктура
Сүөһү иитиитэ (эттээх уонна үүттээх сүөһүнү иитии, эттээх сылгыны иитии).
Тырааныспар
Павловскайга диэри буор суол.
Быһаарыылар
Литэрэтиирэ
Багдарыын Сюлбэ Топонимика Якутии: краткий научно-популярный очерк. — Якутск: Бичик, 2004. — С. 97—98. — 190 с. — ISBN 5-7696-1972-4
Сигэлэр
- Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Мегино-Кангаласский улус
- Саха Сирин нэһилиэктэрэ: Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
- gosspravka.ru:Мегино-Кангаласский улус. Сигэнии күнэ: 5 Бэс ыйын 2025. Архивировано из оригинала 10 Кулун тутар 2016 года.