Мыреев Егор Иванович
Мыреев Егор Иванович | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1920 |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ | 10 олунньу 1942 |
Өлбүт сирэ | |
Солото | старший сержант[d] |
Кыргыһыылар/сэриилэр | |
Наҕараадалара |
Мыреев Егор Иванович (1920, Бэтинчэ, Ленскэй улууһа, Саха уобалаһа — 10.02.1942) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 213-с СП (56-с СД) бэргэн ытааччыта. Кыдыйбыт өстөөх саллааттарын ахсаана, бигэргэтиллибитинэн, — 65[1]. Старшай сержант.
Олоҕун олуктара
1920 сыллаахха Бэтинчэҕэ төрөөбүт. 1937 сыллаахха толорута суох орто оскуоланы бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга рыбнай техникумҥа үөрэххэ киирбит. Техникумҥа үөрэнэ сылдьан, доҕотторун сүбэлэринэн, Саха театр иһинэн студияҕа дьарыктаммыт. 1940 сыл сайыныгар театр салалтата Егор Мыреевы А. Н. Островскай аатынан Ленинградтааҕы театральнай институтка үөрэттэрэ ыыппыт. Ленинградка 1940 сыл күһүнүгэр тиийэн, Е. К. Лепковскаяҕа, А. И. Авербухха, Л. Ф. Макаровка о. д. а. үөрэммит.[2]
1941 сыл от ыйыгар Ленинград уобалаһын Дзержинскэй оройуонун военкоматынан Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. От ыйын 12 күнүттэн Порхов-Псков туһайыы диэки, Пулково анныгар кыргыһыыларга кыттыбыт. Бэргэн ытааччылар ыккардыларыгар куоталаһыы хамсааһынын биир саҕалааччылара буолбута. Бөлөх тэрийэн бэргэн ытааччылары үөрэппит.
1942 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр[3] Ижорскай завод көмүскээһинигэр Колпино куорат таһыгар өлбүт.[4]
Колпино (Ленинград уобалаһа) кылабыыһатыгар көмүллүбүт[5].
Өлбүтүн кэннэ, 1942 сыл олунньу 22 күнүнээҕи бирикээһинэн, Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыт (наҕараада лииһигэр олоҕуран, Ленин уордьаныгар түһэриллибит)[6].
Үйэлээх аата
- Егор Мыреев аата Бэтинчэ оскуолатыгар, уулуссатыгар иҥэриллибит[7].
- Колпино куоракка (Ленинград уобалаһа) обелиск туруоруллубут, Ленинград көмүскэлигэр өлбүт байыастар ааттара көмүс бичигинэн быһыллыбыт, олор быыстарыгар Егор Мыреев аата баар[7].
- Бэтинчэ ытык киһитэ[8].
Быһаарыылар
- ↑ Лучшие снайперы 2-й мировой
- ↑ SakhaPress.Ru: Его именем названа школа: Легендарный снайпер Егор Мыреев
- ↑ Донесение докумуонунан, 1942 сыл олунньу 12 күнүгэр. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Меткие выстрелы якутских снайперов
- ↑ Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ 7,0 7,1 SakhaPress.Ru: Его именем названа школа: Легендарный снайпер Егор Мыреев (окончание)
- ↑ Почетные граждане с. Беченча
Сигэлэр
- Советские стрелки-снайперы в Великой Отечественной войне
- С. П. Черепанов. Его именем названа школа: Легендарный снайпер Егор Мыреев // SakhaPress.Ru. — 27.01.2013.
- С. П. Черепанов. Его именем названа школа: Легендарный снайпер Егор Мыреев (окончание) // SakhaPress.Ru. — 31.01.2013.
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |