Бояров Алексей Федотович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бояров Алексей Федотович (1896 - 20.10.1942) — Саха АССР үөрэх, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы наркома.

Байаҕантай улууһун Игидэй нэһилиэгэр 1896 сыллаахха төрөөбүт.

Крупская аатынан Москубатааҕы хомуньуустуу иитии академиятын бүтэрбит. Алдан уонна Уус-Алдан РИК-тарын бэрэстээтэлэ, Якутснабторг дириэктэрэ. 1920 сылтан ВКП(б) чилиэнэ.

1938 сыл тохсунньу 17 күнүгэр хаайыллыбыт.


1942 сыллаахха алтынньы 20 күнүгэр Эһэ-Хайа хаайыытыгар өлбүт.