Орто Сибиир хаптал хайалаах сирэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Орто Сибиир хаптал хайалаах сирэ. Хотугу Азияҕа Саха сирин арҕааҥҥы өртүн бүттүүн ылар хаптал хайалаах сир.

Арҕаа өртүгэр Енисей өрүскэ тиийэр, соҕуруу Илиҥҥи Сайаан хайаларыгар, Байкаал хайаларыгар тиийэр, илин диэкки Өлүөнэ хочотугар тиийэр.

базальт, диабаз быһа охсуулара күн сирэйигэр тахсаллар.

Муора таһымыттан 400 - 500 м. Ордук үрдүк сирдэрэ 1701 м тиийэллэр (Путораан хайалара).

Ирбэт тоҥ киэҥник тэнийбит сирэ. Өрүстэр дьириҥ хочолоохтор, түргэн сүүрүктээхтэр, таас харгылаахтар.

Үүнээйи сүрүннээн тиит мастаах ойуур. Хоту өртө туундара.

Хостонор баайтан алмаз, көмүс, туус, слюда, айылҕа гааһа.


Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.