Геология

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Геология (был.-гириэк. γῆ — «Сир» уонна λόγος — «үөрэх» диэн тыллартан) — Сир туругун, тутулун уонна сайдыытын үөрэтэр үөрэх.

Геология салаалара

Геология сайдан истэҕин аайы тус-туспа хайысхалара дириҥээн бэйэлэрэ туспа билим салаалара буолбуттара.

Манна геология салаалара көстөллөр:

  • Хостонор баайдар геологиялара хостонор баайдар көрүҥнэрин, кинилэри көрдөөһүн ньымаларын үөрэтэр салаа.
  • Гидрогеология — сир аннынааҕы ууну үөрэтэр салаа.
  • Инженернай геология — сир уонна араас тутуулар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын үөрэтэр үөрэх.
  • Геохимия — Сир химическэй тутулун үөрэтэр салаа.
  • Геофизика — Сир физическэй туругун үөрэтэр, араас чинчийэр ньымалардаах: гравиразведка, сейсморазведка, магниторазведка, электроразведка уо.д.а.
  • Күн систиэмэтин геология маннык салаалара үөрэтэллэр: космохимия, космология, космическая геология уонна планетология.
  • геокриология үөрэтэр.
  • Петрография — маагматтан үөскээбит боруодалары ойуулуур салаа.
  • Петрология — маагматтан тахсар буоруодалар хайдах үөскүүллэрин үөрэтэр салаа.
  • Геобаротермометрия — минерааллар уонна хайа боруодалара үөскээбит батааһынын уонна температууратын үөрэтэр салаа.
  • Структурнай геология — Сир хаҕын хамсааһынын үөрэтэр салаа.
  • Микроструктурнай геология — минерааллар уонна агрегааттар туораахтарын таһымыгар уларыйыылары үөрэтэр салаа.
  • Геодинамика — Сир эволюциятын үөрэтэр салаа. Сир киинигэр, маантиятыгар уонна хаҕыгар барар процестары үөрэтэр.
  • Тектоника — Сир хаҕын хамсааһынын үөрэтэр.
  • Историческай геология — Сир историятын үөрэтэр.
  • Палеонтология былыр олоро сылдьыбыт харамайдары үөрэтэр.
  • Стратиграфия — хайа боруодаларын саастарын үөрэтэр билим салаата.