Сордоҥ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Hecht.jpg

Сордоҥ (лат. Esox lucius, нууч. обыкновенная щука) — уһун суптугур эттээх, үксүгэр күөхтүҥү көҕөччөр өҥнөөх, элбэх салыҥнаах бөдөҥ балык.

Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт балык. Өрүстэргэ уонна күөллэргэ үөскүүр, Хотугу муустаах байҕал чугаһыгар киирбэт. Сүүрбэччэ сыл олорор. Искэҕин 3-5 сааһыттан ыыр[1].


Аһылыга

Сиэмэх. Искэхтэн саҥа тахсыбыт ыамалара араактыҥыларынан аһыдыктаналлар. 2-3 см улаатан баран сордоҥ оҕото балык ыамаларын туппутунан барар. Улахан сордоҥнор ардыгар кутуйахтары, кус уонна бадараан көтөрдөрүн оҕолорун бултаһаллар.

Өссө маны көр

Саха сирин балыктара

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.67