Маак Ричард
Маак Ричард Карлович (натуралист, педагог (1825 сыл балаҕан ыйын 5 күнэ, Аренсбург (билигин — Курессааре, Эстония) — (1886 сэтинньи 13 (аныгы истиилинэн сэтинньи 25) күнэ, Петербург).
Амур уонна Уссури өрүстэр тардыыларын чинчийбитэ.
Бүлүүтээҕи экспедиция
Р. Маак 1853 с. муус устарыгар Нуучча географияҕа уопсастыбатын Сибиирдээҕи салаатыгар үлэһит чилиэнинэн киирбит. Бу сыл Бүлүүтээҕи экспедицияны баһылаабыт. Бу экспедиция география, история, этнография, статистика уонна килиимэт өттүттэн үөрэтиэхтээх эбит.
Этэрээккэ өссө байыаннай топограф А. К. Зондгиген, препаратор М. Фурман киирбиттэр, Саха сиригэр кинилэргэ А. П. Павловскай диэн учуутал кыттыспыт. 1854 с. тохсунньутугар Иркутскайтан тахсан, Дьокуускайынан муус устарга Бүлүү өрүс төрдүгэр тиийбиттэр. От ыйын саҥатыгар Таас диэн сиргэ сылдьыбыттар, бу ый 5 суругар Сунтаарынан Иркуутскайга этногрфияҕа уонна айылҕаҕа сыһыаннаах коллекция ыытарга бэлэмин туһунан суруйар. Холобур суруйар: «в Нюрбинской долине я занимался обзором геогностических пород, собирал растения и этнографические предметы. Следуя отсюда обратно, я долгом почел заехать к якуту Ноговицыну, известному по особой ревности к распространению хлебопашества, он имеет большое хозяйство и труды его вполне замечательны».
Онтон экспедиция икки аҥыы арахсыбыт, Павловскай Марха өрүскэ барбыт, оттон Маак бөлөҕө Өлөөн өрүскэ барбыт. Хуриҥда күөлгэ тиийэ сылдьан баран Бүлүү өрүһүнэн түһэ сатаабыттар, да тымныйан ол кыаллыбатах. Ыарахан 800 биэрэстэлээх суолунан экспедиция 1854 с. ахсынньы 25 Чона өрүс төрдүгэр тиийэр. Онтон 1855 с. тохсунньутугар Сунтаарга тиийэн Павловскай бөлөҕүн кытта холбоһор. Бу тухары Иркутскайга суруктары суруйар.
Сунтаартан экспедиция Өлүөхүмэҕэ көһөр, уонна 1855 с. олунньутугар Иркутскайга төннөр.
Маак аатынан ааттаммыт үүнээйилэр
Маак урут биллибэтэх үүнээйилэри арыйбыт уонна үөрэппит. Сорох үүнээйилэр кини аатын сүгэллэр:
- Maackia amurensis — Амуурга үүнэр боб ыалыгар киирэр үүнээйи.
- Lonicera maackii — Амуурдааҕы жимолость.
- Prunus maackii — Амуурдааҕы вишня.
- Prunus Maackii A.jpg
Амуурдааҕы вишня.
Айымньылара
- Путешествие на Амур, совершенное по распоряжению Сибирского отдела Русского географического общества в 1855 году, СПБ, 1859;
- Путешествие по долине реки Уссури, т, 1—2, СПБ, 1861;
- Вилюйский округ Якутской области, ч. 1, 2 изд., ч. 2—3, СПБ, 1877—1886;
- Очерк флоры Уссурийской страны (1862);
- Енисейская губерния (в «Списках населённых мест Российской империи»).
Өссө маны көр
Маак Бүлүүтээҕи экспедицията (1854 — 1855 сс.)
Ылыллыбыт сирэ
Энциклопедия Якутии, М., 2000 г.