1986 сыл
Сыллар |
---|
1982 1983 1984 1985 — 1986 — 1987 1988 1989 1990 |
Уоннуу сыллар |
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1986 сыл.
Туох буолбута
- Дьокуускайга 1986 сыллаахха буолбут дьалхаан — Дьокуускайга нуучча уонна саха ыччатын иирсээнэ.
- Обкуом III пленума: «интернациональнай иитии Чурапчыга, СГУ-га мөлтөх».
- Дьалхаан кыттыылаахтарын суута: Д. Винокуров, В. барашков, Г. Сивцев хаайыыга киирэллэр.
- КК, РСФСР министиэристибэтиттэн хамыыһыйалар.
- Тыа хаһаайыстыбатын института туспа кыһа буолуута.
- Интернационалия миэрэлэрэ: промышленнай оройуоннартан миэстэтигэр тиийэн үөрэххэ киллэрии, усулуобуйа тэрийии, хосторго омугунан булкуйан олордуу
Тохсунньу
- Тохсунньу 28 — АХШ «Челленджер» хараабыла саҥа көтөн иһэн дьон бөҕө көрөн турдаҕына дэлби тэппит, сэттэ астронавт өлбүттэр.
Олунньу
- Олунньу 7 — Гаитига биир ыал 28 сыл тухары баһылааһына тохтообут: бэрэсидьиэн Жан-Клод Дювалье дойдуттан күрээбит.
- Галлей кометата Күн тиһигэр киирбит.
- Олунньу 20 — ССРС орбитальнай станцията «Мир» бастакы сүрүн блога орбитаҕа таһаарыллыбыт.1986 — Советский Союз запускает космический корабль «Мир» . Оставаясь на орбите 15 лет, он занят десять из них.
- Корасон Акино Филипиин бастакы дьахтар бэрэсидьиэнэ буолар.
От ыйа
- ССКП Киин кэмитиэтэ ылбыт. Сыл аҥаарынан 1987 сыл тохсунньу 28 күнүгэр балаһыанньата бигэргэммит. Манан «хомсомуол» приватизациятын бырассыаһа саҕаламмыт.
Алтынньы
- Алтынньы 14 — Уус Маайа аэропуордуттан көтөн тахсан испит Л-410 сөмүлүөт Алдан өрүһүгэр сууллан түспүт. Сөмүлүөккэ олорбут 14 киһи бары өлбүттэр.
Сэтинньи
- Сэтинньи 19 — ССРС-ка «Бэйэҕэ үлэлиир туһунан» (нууч. Об индивидуальной трудовой деятельности) сокуон ылыныллыбыт.
Төрөөбүттэр
- Кулун тутар 19 — Айаал Лазарев — ыарахан ыйааһыҥҥа тустар саха биллиилээх тустууга, көҥүл тустууга Азия чөмпүйүөнэ.
Өлбүттэр
- Григорьев Спиридон Алексеевич (12.12.1910—1986) — саха бастакы театральнай режиссера, РСФСР норуодунай артыыһа.
- От ыйын 30 — Дьяконова Юлия Назаровна (17.07.1953—30.07.1986) — филология билимин кандидата.
- Атырдьах ыйын 28 — Александров Семен Лаврентьевич — саха живописеһа.
- Балаҕан ыйын 13 — Избеков Иннокентий Георгиевич — саха худуоһунньуга.
- Сэтинньи 8 — Вячеслав Молотов (1890 төр.), сэбиэскэй салайааччы, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Ахсынньы 25 — Степанов Платон Афанасьевич — Ламутскай (13.11.1920—25.12.1986) — эбээн поэта уонна суруйааччыта.
- Шадрин Панкратий Иванович — норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, педагогика ноуукатын хандьыдаата, доцент (1908 төр.).