1847
Туох буолбута
- Алтынньы 1 — Германияҕа «Siemens» хампаанньа төрүттэммит. Бу хампаанньаҕа сыһыаннаах инновациялар: стрелкалаах телеграф, динамо-масыына, Атлантиканы туоруур телеграф лиинийэтэ, трамвай, троллейбус, электровоз, истэр аппарат, импланнанар кардиостимулятор, сыыппара АТС уо.д.а.
- Сэтинньи 12 — хлороформу анестетик (ыарыыны уталытар эмп) быһыытынан туттууну дьоҥҥо аан бастаан Эдинбург университетыгар Джеймс Симпсон көрдөрбүт.
Төрөөбүттэр
- Захаров, Петр Илларионович (1847 - 1903), Иккис гильдия атыыһыта
- Олунньу 11 — Томас Эдисон — Америка аатырбыт айааччыта уонна урбаанньыта.
- Балаҕан ыйын 14 — Горохов Никита Семенович, саха бастакы учуонайынан ааҕыллар этнограф, палеонтолог.